Физик
Фи́зик — учуонай, кини чинчийиилэрэ сүнньүнэн физика өттүгэр ананаллар. Фундаментальнай билим субатомнай частицаларыттан саҕалаан вселеннайга дылы проблемаларыгар киэҥ өттүгэр үлэлииллэр, ону тэҥэ прикладной физикаҕа.
Историята
уларытФизиктар туспа учуонайдар быһыыларынан XIX үйэ ортотугар баар буолбуттара, ол бириэмэҕэ физика туспа быраабылалардаах уонна методтардаах билим курдук бэлиэтэммитэ.
Үөрэххэ
уларытАрассыыйаҕа
уларытФизиканы үөрэтии орто оскуолаҕа 7 кылаасстан саҕаланар, ол иннинэ 5-6 кылаастарга естесствозаннияны үөрэтэллэр. Физиканы интириэһиргиир үөрэнээччилэргэ специализированнай оскуолалар бааллар, ол курдук Саха Сиригэр дьокуускайга Физико-техническай лицей баар, уонна араас оскуолаларга кылаастар уонна да атын форманан дириҥник үөрэтии баар.
Ордук күүстээх үөрэнээччилэри быһаарарга араас физикаҕа олимпиадалар ыытыллаллар, Россия физикаҕа олимпиадатын кыайыылааҕа Россия сыл аайы ыытыллар Аан дойду үөрэнээччилэрин олимпиадатыгар сирэйэ буолар.
Профессиональнай физиктары үрдүкү оскуолаларга специализированнай факультеттарга бэлэмнииллэр. Оннук факультеттар физическай факультет диэн ааттанааччылар, ол гынан баран өссө кыараҕас аналлаах буолуон сөп - ол курдук радиофизическай факультет. Сорох университеттарга физиктары уонна математиктары бииргэ холбууллар, оччоҕуна физико-математическай факультет буолар. Билигин Россияҕа физиктары бэлэмниир икки система баар, урукку биэс сыллаах (бүтэрбитин кэннэ специалист диплома бэриллэр), уонна Болонскай (икки кэрдэллээх - бакалавриат 4 сыл кэнниттэн уонна магистратура - өссө 2 сыл кэнниттэн). Ол бириэмэҕэ билигин улам-улам иккис системаҕа көһүү бара турар, уонна оччоҕуна бастакы система үлэтэ тохтуур.
Үрдүкү үөрэҕи ылыныы кэнниттэн аспирантураҕа үөрэҕи салгыахха сөп, ол кэнниттэн кандидат диссератциятын көмүскүүр булгуччулаах буолар, ол кэнниттэн бириэмэ ааспытын кэнниттэн иккис диссератацияны көмүскүөххэ сөп, учуонай степенын уонна Физика-математика докторун аатын ылаҕын.
Наҕараадалар уонна бириэмийэлэр
уларытФизик ордук улахан наҕараадатынан 1901 сылтан бэриллэр Нобель бириэмийэтэ буолар.
Бастакы Нобель наҕараадатын Рентген Вильгельм ылбыта рентген сардаҥаларын арыйыы иһин.