Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                

Ыам ыйын 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 127-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 128-c күнэ). Сыл бүтүө 238 күн баар.

Бэлиэ күннэр

уларыт

Түбэлтэлэр

уларыт
  • 1253 — Монгуолларга баран иһэн Константинопольга кыстаабыт Франция хоруолун Людовик IX посольствота салгыы айаҥҥа туруммут. Баһылыктара — францисканец манаах Гильом де Рубрук (Guillaume de Rubrouck). Айанньыттар Волга алын тардыытыгар бастаан Бату хаан уолугар Сартакка, онтон Бату хааҥҥа бэйэтигэр сылдьыбыттара, онтон Ураал өрүһү нөҥүөлээн Алатау хайаларын аннынан айаннаан, Балхаш уонна Алаколь күөллэр аттыларынан ааһан, Монголияҕа киирбиттэрэ, салгыы улуу хаан Мункэ (Мэҥэ) киин куоратыгар Каракорумҥа тиийбиттэрэ. Рубрук хаалларбыт оччотооҕу кэм туһунан суруйуулара уһулуччу суолталаахтар, чинчийээччилэр кинини Марко Полону кытта тэҥнииллэр.
  • 1744Елизавета Петровна ыраахтааҕы суутунан өлөрүүнү тохтоппут.
  • 1826Михаил Сперанскай баһылыктаах Арассыыйа импиэрийэтин сокуоннарын бастакы толору хомуурунньугун суруйуу үлэтэ саҕаламмыт (1826—1830).
  • 1875 — Нуучча-дьоппуон сөбүлэҥинэн Курил арыылара Японияҕа бэриллибиттэр, Сахалины Арассыыйа ылбыт.
  • 1883 — үс өҥнөөх (маҥан, халлаан күөх, кыһыл) былаах Арассыыйа импиэрийэтин официальнай былааҕынан буолбут.
  • 1895 — Петербурга нуучча физига уонна электротехнига Александр Попов араадьыйа прототиибин көрдөрбүт.
  • 1904 — Арассыыйа импиэрийэтигэр литва тылынан латыынныы алпаабытынан бэчээти бобуу суох гыныллыбыт (1864 сыллаахха бобуллубута); билигин бу күн сыл ахсын Литваҕа Бэчээт төннүүтүн күнэ бэлиэтэнэр.
  • 1924 — Хотону балаҕантан араарарга агитациялыыр "Ыраас олох" уопсастыба тэриллибит. Биир сылынан бу уопсастыба сыалын-соругун ситиспит буолан эһиллибит.
  • 1934 — Биро-Биджан национальнай оройуона Дьэбириэй автономиялаах уобалаһа диэн ааттаммыта. Манна, Кытай кыраныыссатыгар, сэбиэскэй былаас дьэбириэйдэри хомуйан олохсутар санаалааҕа.
  • 1945 — Францияҕа союзниктар Германия капитуляциятын ылыммыттар (ССРС аатыттан генерал Суслопаров баттаабыта), ол докумуоҥҥа суруллубутунан капитуляция Европа орто кэминэн ыам ыйын 8 күнүгэр киэһэ 23.01 мүнүүтэҕэ олоххо киириэхтээҕэ. Бу кэмҥэ Москубаҕа ыам ыйын 9 күнэ түүн 1 чаас 01 мүнүүтэ буолуохтаах этэ. Ол эрээри, Сталин эйэни түһэрсии Германияҕа бэйэтигэр буолуохтаах, уонна аактаҕа атын үрдүк сололоох дьон илии баттыахтаахтар диэн модьуйбута. Союзниктар сөбүлэспиттэрэ, ол эрээри Европа дойдулара уонна АХШ сарсыныгар киэһэни кэтэспэккэ эрэ Европа орто кэминэн күнүс үс чаас саҕана эйэ түһэрсиллибитин туһунан бэйэлэрин дойдуларыгар биллэрбиттэрэ (эрдэ барбыт информацияны тохтотор кыахтара суоҕа), оттон Сэбиэскэй Сойууска бу туһунан Информбюро 9 чыыһылаҕа биирдэ биллэрбитэ. Капитуляция туһунан иккис аактаҕа ССРС-тан Жуков илии баттаабыта, уоту тохтотуу кэмэ уруккутунан хаалбыта. Онон Кыайыы күнэ Европа дойдуларыгар уонна АХШ-ка ыам ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр, оттон урукку ССРС дойдуларыгар — ыам ыйын 9 күнүгэр.
  • 1971 — Лиэнскэй Нөөрүктээйититтэн төрүттээх ойуур үлэһитэ Кирилл Попов Социалистыы Үлэ дьоруойа буолбут. Сэрии кэмигэр разведкаҕа отделение хамандыырынан сулууспалаабыт киһи. Оҕото ахтарынан, сэрии туһунан наһаа хараастан кэпсиирэ, сэриилээх киинэлэри отой сөбүлээбэтэ үһү. Кулаактаммыт аҕатын туһунан ыйбатаҕын иһин 60-с сылларга баартыйатыттан уһуллубут, дуоһунаһыттан ууратыллыбыт түгэннээх эбит.
  • 1985 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтэ «Арыгылааһыны, алкоголизмы кыайыы, самогону көөнньөрүүнү төрдүттэн суох гыныы» диэн ааттаах № 410 уураах таһаарбыт.
  • 1991 — 16 Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин Үрдүкү сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ көрсөн "9+1" формуланы утаран күүстээх сайабылыанньа оҥорбуттара, онтон Борис Ельцинныын көрсүспүттэрэ. Бу иннинэ ССРС бэрэсидьиэнэ Горбачев уонна 9 Сойуус таһымнаах өрөспүүбүлүкэ салайааччылара Сойуус саҥа сөбүлэҥин биһиги эрэ түһэрсиэхтээхпит (9+1) диэн этиммиттэрэ.
  • 1992 — Арассыыйа уонна Казахстаан бэрэсидьиэннэрин ыйаахтарынан РФ уонна Казахстаан сэбилэниилээх күүстэрэ олохтоммуттар.
  • 1992 — Латвияҕа Латвия солкуобайа олоххо киирбит.
  • 1992 — Арассыыйаҕа буокка уонна испиир көҥүл сыанаҕа атыыланар буолбут.
  • 2000Владимир Путин Арассыыйа бэрэсидьиэнин быһыытынан бастакы инаугурацията буолбут.
  • 2008Дмитрий Медведев Арассыыйа бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киирбит.

Төрөөбүттэр

уларыт
  • 1840Чайковскай Пётр Ильич (1893 өлб.), нуучча композитора, педагог, дирижёр, муусука кириитигэ.
  • 1861Рабиндранат Тагор (1941 өлб.), Ииндийэ суруйааччыта, бэйиэт, бөлүһүөк, Нобель бириэмийэтин лауреата (1913).
  • 1874 — Боотуруус Чөркөөҕөр Иван Попов (07.05.1874—1945) — Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, саха бастакы идэтийбит живописеһа.
  • 1907 — Владимир Андреев — РСФСР уонна Саха АССР наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, биология дуоктара, профессор (өлб. 1987).
  • 1947 — эбээн тылын учуобунньуктарын ааптара СӨ үтүөлээх учуутала Александра Кейметинова төрөөбүт. Суруйбут кинигэлэрин Магадаан, Камчаатка, Хабаровскай кыраай уонна Чукотка оскуолаларыгар туһаналлар.

Өлбүттэр

уларыт