Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Сибиир ханствота

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сибиир ханствота (Сибиир саарыстыбата, Сибиир сурда[1]) — XV үйэ бүтүүтүгэр Алтан Ордуу[2] ыһыллыытыгар үөскээбит Арҕаа Сибииргэ түүр тыллаах татаар омугун[3] феодальнай дойдута. Сибиир ханствота Перьм сирин, Ноҕай Ордуутун, Каһаах ханствотын, уонна телеуттар дойдуларын кытта ыаллыы сытар этэ[4].

Сибиир ханствотыгар туттуллар тыл — түрки[5].

"Сибиир" диэн аат аан маҥнай 1240 сыллаахха "Моҕол ытык историята" (Юань-чао ми-ши) диэн ааттаах кинигэҕэ ахтыллар. Ол кинигэҕэ этиллибитинэн Дьүчи 1206 сыллаахха Shibir диэн сиртэн соҕуруу олорор тыа биистэрин сэриилээбит. Онтон ураты сиһилии дааннай суох буолан чинчийээччилэр Сибиир диэн аатынан хайа дойдуну ааттыыллар уонна ол дойду ханна баарын быһаарар кыахтара суох[6].

XIV үйэ бастакы аҥарыгар Египет султанын суруксута Ал-Омари Алтан Ордуу састаабыгар Сибиир уонна Ибиир диэн сирдэр баалларын ахтыбыт. Чинчийээччилэр этэллэринэн бу ааттаммыт сирдэр Иртыш уонна Тобол өрүстэр икки ардыларыгар баар буолуон сөп[7]. Быһа холоон ол кэмҥэ Европатааҕы карталарга Sebur уонна Singui диэн аат баар буолбута: Пиццагани ини-биилэр карталара (1367)[8] уонна Каталан каартата (1375)[9].

Тайбугиннар сирдэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Академик Г. Ф. Миллер сабаҕалыырынан Сибиир ханствота 1220 сыллаахха тэриллибит Тайбугин сурдуттан үөскээбит. Тайбугин сурдун Алтан Ордуу атын улуустарыттан уратыта диэн кини автономиялаах сир этэ[10][11].

Чинги-Тура Вилайиэтэ (1375—1468)

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1359 сыллаахха Алтан Ордуу историятыгар Улуу Самныы кэмэ саҕаламмыта. Сибиир ханствотын баһылыктара Шибан сыдьааннара (нууч.: Шибаниды) ол кэмҥэ былаас былдьаһыытыгар көхтөөхтүк кыттыбыттара биллэр.

Тохтамыш диэн аатырбыт хаан Урус-хааны утары сэриилэһэр кэмигэр Шибан сыдьааныттан Каҕанбэктэн көмө көрдөөбүтэ, ол эрээри Каҕанбэк көмөлөспөтөх. Муҥур уһугар Тохтамыш бастаан Урус-хааны, онтон Мамайы кыайбыта уонна бүтүн Алтан Ордуу хаана буолбута. Ол кэннэ Тохтамыш Каҕанбэги уһулан, Сибиир хаанынан кини быраатын Арааб-хааны анаабыт[12].

Страница Халыып:Шаблон:Конец цитаты/styles.css не имеет содержания.

Тохтамыш сүрүн өстөөҕө Тимур (Тамерлан) Алтан Ордууну сэриилииригэр аан бастаан Сибиир ханствотын халаабыт этэ. Онтон Тимур 1389 сыллаахха бэйэтин сэрииһитин Дьаһан-шаһ-баҕадуру, Омар-баҕадуру уонна Үч-Кара-баҕадуру Сибиир ханствотын сэриилии ыыппыта биллэр[13].

Хадьи-Муһаммад хаан (1421—1428)

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1420 сыллаахха көҥүл Сибиир ханствотын баһылыга Хадьи-Муһаммад хаан буолбута. Кини баһылыктыыр кэмигэр Сибиир ханствотыгар ис сэриилэр саҕаламмытара уонна 1495 сыллаахха түмүктэммиттэрэ.

Түмэн ханствота Ибак хаан кэмигэр

Сибиир ханствотын баһылыктара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Номоххо киирбит Сибиир хааннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Татар — хаан (1035—?)
  • Казылтин, Татар уола
  • Даметей, Татар уола
  • Юваш, Казылтин уола
  • Ишим, Юваш уола
  • Мамет, Ишим уола
  • Куташ, Мамет уола
  • Аллагул, Куташ уола
  • Кузей, Аллагул уола
  • Ебаргул, Юваш кыра уола
  • Бахмур, Ебаргул уола
  • Яхшимет хаан
  • Юрак хаан, Бахмур уола
  • Мунчак, Юрак уола — хаан
  • Юзак, Мунчак уола
  • Он-Сом, Юзак (эбэтэр Юрак) уола
  • Иртышак, Он-Сом уола. Дьүчиттэн хотторбут
  • Табуга, Иртышак (эбэтэр Он-Сом) уола (1220-?)
  • Шибан — 1243 сылтан султан
  • Бахадур-хаан (1266—1280)
  • Дьүчи-буҕа (1266—1280)
  • Бадакул
  • Миҥ-Тимур (1359 сылга диэри)
  • Пулад-Тимур (1359—1367)
  • Ибраһим-оҕлан уонна Арааб-шаһ (1367 сылтан)
  • Алибек-хаан (1367—1375)
  • Каҕанбэк-хаан (1375—1380)
  • Давлат-шейх (1382 кэннэ)

Тука-Тимур сыдьааннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Хадьи-Муһаммад (1420—1428)
  • Дьумадук (1425—1428)
  • Маһмуд-ходьа (1428—1429/1430)
  • Абу-л-хайр (1428—1468)

Сибиир ханствота

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Мар (Умар, Омар) (1468—1480)
  • Ибак (1468—1495)
  • Муһаммад Тайбуҕа (1495—1502)
  • Ангиш (1502—1516)
  • Касым (1516—1530)
  • Едигер (1530—1563)
  • Бек-Булат (1555—1563)
  • Кучум (1563—1598)
  • Сейд Аһмад (Сейдяк) (1583—1588)
  • Али (1598—1616)
  • Бахадур (1607—1616)
  • Ишим (1616—1624)
  • Аблай-Гирей (1628—1631)
  1. Сибирское ханство. Большая Российская энциклопедия Архыыптаммыт 2019, Ахсынньы 18 күнүгэр.
  2. Сибирское ханство. bse.sci-lib.com. Тургутулунна 13 Балаҕан ыйын 2015.
  3. Исхаков Д. М. Тюркско-татарские государства XV—XVI вв. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2004.— Глава 2 — C. 32..
  4. Сибирское ханство. bse.sci-lib.com. Тургутулунна 13 Балаҕан ыйын 2015.
  5. Статья в Башкирской энциклопедии Архыыптаммыт 2017, Олунньу 2 күнүгэр.
  6. Иоганн Шильтбергер Книга путешествий // Сибирь в известиях западно-европейских путешественников и писателей, XIII-XVII вв. — Новосибирск, 2006.
  7. Егоров В. Л. Глава вторая. Территория и границы Золотой Орды // Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв. — М.: Наука, 1985. — 11,000 экз.
  8. Егоров В. Л. Глава третья. Города Золотой Орды и некоторые вопросы экономической географии государства // Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв. — М.: Наука, 1985. — 11,000 экз.
  9. Белич И. В. К этимологии, семантике и истории происхождения средневекового имени г. Тюмени // Вестник археологии, антропологии и этнографии : Электр. журнал. — Тюмень: Изд-во ИПОС СО РАН, 2007. — № 7. — С. 152. — ISSN 2071-0437. Архивировано 14 От ыйын 2015 года.
  10. Атласи, Хади История Сибири. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2005. — С. 24—29. — 96 с.
  11. Файзрахманов Г. Л. История татар Западной Сибири: с древнейших времён до начала XX века. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2007. — С. 112—121. — 431 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-298-01536-3
  12. Утемиш-хаджи ибн маулана Мухаммада Дости Чингиз-наме. — Алма-Ата: Гылым, 1992. — С. 117—118.
  13. Низам ад-Дин Шами. Книга побед=Зафар-наме // Материалы по истории киргизов и Киргизии. — М., 1973. — С. 109.