Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Сэтинньи 19

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэтинньи 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 323 күнэ (ордук хонуктаах сылга 324-c күнэ). Сыл бүтүө 42 күн баар.

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха ӨрөспүүбүлүкэтэСаха Сиригэр нуучча тылын күнэ
  • ХНТ ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Эр дьон күнэ. бастаан Тринидад уонна Тобаго диэн дойдуга 1999 сыллаахха олохтоммута, кэлин элбэх дойду өйөөбүтэ, тиһэҕэр ХНТ ылыммыта. Бу күн эр киһи чөл туругар, дьиэ кэргэҥҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ балаһыанньаларыгар болҕомто ууруллар
  • Урбаанньыт дьахтар күнэ (ааҥл. Women's Entrepreneurship Day, WED). 2014 сыллаахтан киэҥник бэлиэтэнэр, урбааҥҥа уһулуччу ситиһиилээх дьахталларга бириэмийэ туттараллар. Урбаанньыт дьахталлар ситимнэһиилэригэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэригэр туһуланар
  • Бөлөһүөпүйэ Аан дойдутааҕы күнэ
  • Аан дойдутааҕы чэпчэ (туалет) күнэ. Бу омос көрдөххө күлүүлээх эрээри, гигиена уонна чөл турук өттүнэн сүрдээх суолталаах кыһалҕаҕа болҕомто уурар күн. ХНТ билинэринэн аан дойдуга 4,2 миллиард киһи «мөлтөх саньытаарыйалаах» олохтоох. Саха сиригэр кыһын таһырдьа тахсан киирииттэн ыарыылар (холобур, дьахтар ууһуур тиһигин ыарыылара) элбиэхтэрин сөбүн этэллэр
  • Арассыыйа Арассыыйа, Казахстаан Казахстаан, Беларусь Беларусь — Ракетнай сэриилэр уонна артиллерия күннэрэ
  • Арассыыйа Арассыыйа, Украина УкраинаӨстүөкүлэ оҥорооччу күнэ
  • Белиз Белиз — Гарифун күнэ
  • Бразилия Бразилия — Былаах күнэ
  • Ииндийэ Ииндийэ (Уттар-Прадеш) — Толук буолбут дьон күнэ
  • Пуэрто Рико Пуэрто Рико — Арыйыы күнэ
  • Мали Мали — Босхолонуу күнэ
  • Монако Монако — Суверен кинээс күнэ
  • Украина Украина — Гидрометеорология сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
  • 636Рашидун халифатын сэриилэрэ Сасанидтар импиэрийэлэрин сэриитин аль-Кадисия (билиҥҥи Ирааккка баар сир) аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт.
  • 1190Тевтон уордьана олохтоммут.
  • 1493Колумб иккис айаныгар Пуэрто-Рико арыыны булбут.
  • 1919 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа Бастакы Аттаах аармыйа төрүттэммит.
  • 1921 — Өрөбөлүүссүйэни утарыы тэнийбитинэн сибээстээн Дьокуускай куоратыгар осада балаһыанньата биллэриллибит. Дьокуускайга ол саҕана ЧОН, харабыл батальона, Сибиирдээҕи аналлаах этэрээт 7-с ротата уонна баҕа өттүнэн көмүскээччилэр бааллара. Эмиэ бу күн Ньылхан хайысхатыгар хамандыырынан анаммыт Белов И.И. этэрээтэ Үчүгэй Мыраан диэн дьаам ыстаансыйатыгар ордууламмыта. Бу этэрээт 15 киһилээх эрэспиэскэтэ ыстаансыйаттан 5 биэрэстэлээх сиргэ тоһуурга түбэһэн икки кыһыл саллаатын сүтэрбитэ.
  • 1928 — ЯЦИК Бүрүсүүдьүмэ "Саха АССР-га киинэ устуу дьыалатын туругун уонна сайдыытын туһунан" уураах ылыммыт. Туспа бүддьүөттээх, устааптаах Госкино диэн тэрилтэни тэрийэр туһунан этиллибит.
  • 1942Сталинградтааҕы кыргыһыы кэмигэр сэбиэскэй аармыйа "Уран" диэн ааттаах утары кимэн киирии эпэрээссийэтин саҕалаабыт. Үс фронт кимэн киириитин түмүгэр икки Германия, икки Румыния уонна биир Италия аармыйалара урусхалламмыттар, ону кытары Сталинградка ньиэмэс 6-с аармыйата уонна атын чаастара төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэр.
  • 1946Афганистаан, Исландия уонна Швеция Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр киирбиттэр.
  • 1965ССРС көҕүлээһинэн ХНТ Сүрүн Ассамблеята ядернай сэрии сэбин тарҕаппат туһунан өрөсөлүүссүйэ ылыммыт.
  • 1969 — Аатырбыт футболист Пеле күрэхтэһиилэргэ киллэрбит гуолларын ахсаана тыһыынчаҕа тиийбит. Тыһыынчалаах гуолун Пеле Рио-де-Жанейроҕа Маракана стадионугар бэйэтин Сантос кулуубун Васко да Гама диэн кулуубу утары оонньуутугар пенальтиттан киллэрбит.
  • 1985Женеваҕа (Швейцария) генсек Михаил Горбачёв уонна АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган аан бастаан көрсүбүттэр.
  • 1986 — ССРС-ка «Бэйэҕэ үлэлиир туһунан» (нууч. Об индивидуальной трудовой деятельности) сокуон ылыныллыбыт.
  • 1987 — Люкс кылаастаах сэдэх массыына "Bugatti Royale" аукциоҥҥа муҥутуур сыанаҕа, 5,5 мөл. дуолларга, атыыламмыт. 1926—1933 сылларга уопсайа 6 "Bugatti Royale" оҥорбуттар, кинилэр бары билигин бааллар.
  • 1990Парижка Европатааҕы көннөрү сэрии сэбин туһунан сөбүлэҥҥэ (нууч. Договор об обычных вооружённых силах в Европе) илии баттаммыт.
  • 1999Кытай бастакы космос хараабылын (Шэньчжоу-1) көтүппүт.
  • 1092 — Мелик-шах I  — сельджук султаана (1072—1092), Алп-Арлсан уола уонна утумнааччыта. Сельджук илэ Мелик-шах салайар кэмигэр күүһүн-уоҕун муҥутуур таһымыгар тахсыбыта, улаханнык кыаҕырбыта.
  • 1993Леонид Гайдай (1923 төр.), кинорежиссёр, ССРС норуодунай артыыһа.
  • 2012Борис Стругацкай, фантаст-суруйааччы (1933 төр.)