Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                

Ый диэн халандаардарга туттуллар кэм кээмэйэ. Ый Сир тула биир эргииригэр тэҥнэhэр. Ыйга 29,53 кэриҥэ күн баар, сылга 12 ый баар.

Ыйдар сахалыы ааттара: тохсунньу, олунньу, кулун тутар, муус устар, ыам ыйа, бэс ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа, балаҕан ыйа, алтынньы, сэтинньи, ахсынньы. Халлааҥҥа ый үөскээн - бүтэн өссө саҥа ый халлааҥҥа үөскүөр диэри кэм. Өбүгэ кэми кээмэйдиир үгэстэриттэн биирдэстэрэ. Былыргы саха сарсыарда-киэhэ от - мас тиэйэ сылдьан, киирэ-тахса халлааҥҥа көстөр ыйы күн аайы көрө-кэтии сылдьара. Ол да иhин сахалыы ааттаах ыйдар үөскээтэхтэрэ. Өссө: 1 Ый саҥата. 2. Ый ортото 3. Ый эргэтэ. 4 Ый бутүүтэ диэн, билиҥҥи ый фазата (уонна нэдиэлэ) диэн өйдөбүллэргэ сөп түбэhэр, кэм кээмэйин быhаарыылар бааллара. Аны туран, холобура, хаhан буолара чопчу биллэр ый хойутаан тахсар «күбэ киэhэтэ» диэн түүннэр ый эргэтин саҕаланыытыгар бааллара. Кыhын бытархан тымныыга оннук ытыс таhынар хараҕаҕа тубэспит айан киhитэ эрэйи көрөрө. Аhары баран сэрэхтээҕэ. Онон «күбэ киэhэтин» кэмигэр сырыы-айан тохтуура. Билим этэринэн, синодическэй ый 29,5 хонуктаах. үөhээ этиллибиккэ көстөрүнэн, сахаҕа даҕаны ый 29-30 хонуктаах диэн өйдөбүл баара.