1936
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1932 1933 1934 1935 — 1936 — 1937 1938 1939 1940 |
Уоннуу сыллар |
1900-с 1910-с 1920-с — 1930-с — 1940-с 1950-с 1960-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1936 сыл.
Туох буолбута
- Муус устар 9 — Саха АССР наркоматын быһаарыытынан "Якутстрой" трест олохтоммут. Бастакы салайааччытынан Ефим Жорницкай буолбут. Бу тэрилтэ Дьокуускайга бастакы водопроводы (1939), атахха турар бастакы таас дьиэни (1941), сыбаайаҕа турар бастакы дьиэни (1944, 9-с оскуола дьиэтэ) туппута.
- Ыам ыйын 15 күнүгэр оҕо-ыччат республикатааҕы хаһыата "Бэлэм буол" бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Тирааһа 980 экземпляр эбит. Бастакы редакторынан поэт Абаҕыыныскай буолбут.
- Атырдьах ыйа — Индигиргэ "Отто Шмидт" диэн аал кэллэ. Бу өрүскэ аал сырыыта саҕаланна.
- Сэтинньи 14 — ССРС-ка Гидрометеорология сулууспата тэриллибит.
- Сэтинньи 25 — Саха АССР саҥа Төрүт сокуонун барыла Сойуус былааһыгар бигэргэтиигэ киирбит.
- Ахсынньы 1 — ЯЦИК уурааҕынан "Токко эбэҥки национальнай оройуона" тэриллибит. Киинэ Чаара өрүһүгэр Куоппуру диэн сиргэ. Бу оройуон 1953 сыллаахха ликвидацияламмыта.
- Ахсынньы 5 — Сэбиэскэй Сойууска Сталин конституцията диэн ааттаммыт төрүт сокуона ылыныллыбыт. Бу күн Коми автономнай уобалаһа автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун, оттон Кыргыстаан союзнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылбыттар.
- Сэтинньи 6 — Испанияҕа гражданскай сэрии биир сүрүн түбэлтэтэ — Мадрид иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Бу сырыыга республиканецтар куораты ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.
Төрөөбүттэр
- Караканов Прокопий Иосифович (1936—2003)— суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Филиппов Степан Егорович (1936—2005) — Социалистическай Үлэ Геройа.
- Олунньу 13 — Егоров Василий Назарович — Тумарча — саха суруйааччыта.
- Муус устар 7 — Ласс Петр Альбертович — саха живописеһа.
- Муус устар 19 — Павлов Василий Семенович (19.04.1936—03.02.1982) — философия билимин кандидата.
- Бэс ыйын 5 — Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр Мария Евсеевна Николаева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, Саха АССР үтүөлээх артыыската.
- Бэс ыйын 18 — РФ бочуоттаах архивииһа, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС уонна СӨ архыыбын дьыалатын туйгуна Калашников Александр Александрович.
- Бэс ыйын 20 — Тааттаҕа 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Федор Федорович Постников — Арчы Сүөдэр — Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Таатта улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
- От ыйын 1 — Е. Г. Егоров — РФ уонна СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ НА чилиэнэ, СӨ Илин бириэмийэтин наукаҕа уонна техникаҕа, экономика дуоктара.
- От ыйын 12 — Тимофеев Петр Алексеевич — биолог, геоботаник, лесовед.
- Атырдьах ыйын 6 — Константинов Иван Васильевич (20.08.1936—26.03.1977) — история билимин кандидата.
- Атырдьах ыйын 6 — Федосеева Светлана Александровна — археолог, РАЕН бочуоттаах академига, СӨ Академиятын чилиэнэ, история науукатын дуоктара.
- Атырдьах ыйын 10 — Иванов Василий Федотович (10.08.1936—22.04.1996) — история билимин доктора.
- Алтынньы 7 — Пахомов Андрей Кириллович (07.10.1936—31.12.2001) — история билимин кандидата.
- Алтынньы 16 — Сысолятин Иван Афанасьевич, поэт, прозаик.
- Алтынньы 20 — Миронов Дмитрий Николаевич, юриспруденсия доктора, СӨ Конституция Суутун бэрэссэдээтэлэ.
- Сэтинньи 6 — Михаил Алексеев - Дапсы — биллиилээх саха лингвиһа, филология билимин хандьыдаата, араадьыйаҕа "Биһирэм тыл" биэрии ааптара.
- Сэтинньи 10 — Иванов Климент Егорович, политик, 1990—1992 сыллардаахха Саха ССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Сэтинньи 22 — Борисов Спартак Степанович — Саха сирин политига
- Ахсынньы 2 — Николай Тихонов — экэниэмикэ билимин дуоктара, профессор, Аграрнай үөрэхтээһин норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын, Хотугу форум академиятын академига, Саха сирин бочуоттаах кырдьаҕаһа.
- Ахсынньы 15 — Петрова Варвара Андреевна (15.12.1936—11.03.2012) — Ньурба улууһун баһылыга (1995—2002),