Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

1936

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1932 1933 1934 193519361937 1938 1939 1940
Уоннуу сыллар
1900-с 1910-с 1920-с1930-с1940-с 1950-с 1960-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1936 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

  • Тохсунньу 8Ираан арҕааҥҥылыы санаалаах бэрэсидьиэнэ Реза Шах хиджабы аһаҕастык кэтиини бобор туһунан ыйаах таһаарбыт. Ол эрээри 1979 сыллааҕы Ислаам өрөбөлүүссүйэтин кэннэ Ирааҥҥа хиджаб кэтиитэ булгуччулаах буолбута.

Олунньу

  • Олунньу 26 — Чурапчыга У-2 сөмүлүөт түспүт. Кулун тутартан сөмүлүөт сырыыта тиһиктээх буолбут[1].
  • Олунньу 29Нильс Бор атом холбоһуктаах дьаадыратын түөрүйэтин (нууч. теория составного ядра атома) айбытын туһунан кэпсээбит.

Кулун тутар

  • Кулун тутар 3 — Улахан Невер тимир суол станциятыттан Дьокуускайга олунньу 4 күнүгэр арахпыт Челябинскай тыраахтар собуотугар оҥоһуллубут бастакы ЧТЗ "Сталинец - 60" тыраахтардар бэйэлэрэ айаннаан кэлбиттэр. Эспэдииссийэҕэ 7 тыраахтар, 32 киһи кыттыбыт. Соруктара — Улахан Невертэн таһаҕаһы уонна Турий взвоз диэн сиргэ Алдан өрүскэ мууска тоҥон хаалбыт таһаҕаһы Дьокуускайга тиэрдии этэ. Бу айан "Хаардаах бохуот" (Снежный поход) диэн ааттаммыта. Бу ииннинэ ЧТЗ тыраахтар -50 кыраадыска үлэлии илигэ. Сойутар уу оннугар тыраахтырдарга кыраһыын куппуттара, гусеницатыгар анал сакааһынан оҥоһуллубут "шпоралары" кэтэрдибиттэрэ, Иркутскайга эмиэ анал сакааһынан улахан уйуктаах сыарҕалары оҥотторбуттара.

Муус устар

  • Муус устар 9 — Саха АССР наркоматын быһаарыытынан "Якутстрой" трест олохтоммут. Бастакы салайааччытынан Ефим Жорницкай буолбут. Бу тэрилтэ Дьокуускайга бастакы водопроводы (1939), атахха турар бастакы таас дьиэни (1941), сыбаайаҕа турар бастакы дьиэни (1944, 9-с оскуола дьиэтэ) туппута.

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 15 күнүгэр оҕо-ыччат республикатааҕы хаһыата "Бэлэм буол" бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Тирааһа 980 экземпляр эбит. Бастакы редакторынан поэт Абаҕыыныскай буолбут.

Атырдьах ыйа

Балаҕан ыйа

Сэтинньи

  • Сэтинньи 6Испанияҕа гражданскай сэрии биир сүрүн түбэлтэтэ — Мадрид иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Бу сырыыга республиканецтар куораты ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.
  • Сэтинньи 14ССРС-ка Гидрометеорология сулууспата тэриллибит.

Ахсынньы

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • Олунньу 27Иван Павлов (1849 төр.), нуучча физиолога, физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтин лауреата (1904).
  • Алтынньы 19Лу Синь (1881 төр.), кытай суруйааччыта, кытай аныгы литэрэтиирэтин төрүттээччи.
  1. Зуев, Ю. Н. Авиация в Якутии : популярный очерк прошлого инастоящего авиации в Якутии / Ю. Н. Зуев, Ю. А.Остапенко, О. П. Бородин. - Якутск : Якутское книжное изд-во, 1985. – С.86.
  2. Корякин, М. Н. Төрүт дьарыгы өрө тутан : Чурапчы улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта / М. Н. Корякин ; [аан тыл авт. Н. Н. Попов]. - Дьокуускай : Сайдам, 2007. – С.19.