Синдьээҥ
Синдьээҥ Уйгур Аутоном Оройуона | |||||||||
| |||||||||
Кылгас аата: 新 (pinyin: Xīn) | |||||||||
Аатын төрүтэ | 新 xīn - саҥа 疆 jiāng - сир "саҥа сир" | ||||||||
Салалта көрүҥэ | Аутоном оройуон | ||||||||
Киинэ (уонна ордук улахан куората) |
Үрүмчи | ||||||||
Официаллык тыллар | Mandarin Уйгур тыла | ||||||||
Олохтоох аччыгый омук | Уйгурдар | ||||||||
ККП комитетын сэкэрэтээрэ | Уаҥ Лекуан | ||||||||
Салайааччы | Шохран Закир | ||||||||
Иэнэ | 1 664 897,17 km2 (Алҕас: кэтэһиллибэтэх чыыһыла /sq mi) (1st) | ||||||||
Дьонун ахсаана (2004) - Чиҥэ |
19,630,000 (24th) /km² (Алҕас: кэтэһиллибэтэх оператор * /sq mi) ({{{PopDensityRank}}}) | ||||||||
GDP (2007) - per capita |
CNY 349.4 миллиард (25th) CNY 16,860 (14th) | ||||||||
HDI (2005) | 0.757 (medium) (14th) | ||||||||
Nationalities percentage | уйгурдар - 45% кытайдар - 41% казахтар - 7% хуйдар - 5% кыргызтар - 0.9% монголлар - 0.8% дүнсээннэр - 0.3% тадьиктар - 0.2% сибэлэр - 0.2% | ||||||||
Prefecture-level | 14 divisions | ||||||||
County-level | 99 divisions | ||||||||
Township-level* | 1005 divisions | ||||||||
ISO 3166-2 | CN-65 | ||||||||
Official website http://www.xinjiang.gov.cn (Various languages) | |||||||||
Source for population and GDP data: 《中国统计年鉴—2005》 China Statistical Yearbook 2005 Source for nationalities data:ISBN 7503747382 《2000年人口普查中国民族人口资料》 Tabulation on nationalities of 2000 population census of China * As at December 31, 2004
ISBN 7105054255 | |||||||||
Template ■ Discussion ■ WikiProject China |
Синдьээҥ — Кытай аутоном региона. Иэнинэн ордук улахан провинция (1 664 897,17 км²).
Киһитин ахсаана - 23 217 299 (2015 сылга).
Киин куората — Үрүмчи.
Атын улахан куораттар - Корла, Хулдьа (Иниҥ), Карамай, Шихэдзы, Кумул (Хами), Кашгар, Чаҥдзи, Аксу, Хотан, Турпан, Алтай уо.д.а.
Аата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу регион урут элбэх араас аатынан биллэрэ. Холобур: Алтэшэһэр (уйг. "Алта куорат"), Хотан, Хотай, Кытай Тартаарыйата, Үөһэ Тартаарыйа, Илиҥ Чаҕатай (Чаҕатай хаҕанаатын илиҥ чааһын эрдэҕинэ), Моҕулистан, Кашгария, Кыра Бухара уо.д.а.
Кытай Хань династиятын саҕана бу дойду Сийүй (西域 "Арҕаа дойдулар") диэн аатынан биллэрэ. Цин династиятын саҕана хоту өттө, Дьуҥҕаар — "Дьунбу" (準部 Дьуҥҕаар сирэ), оттон соҕурууҥун Тарим хаспаҕа "Хуэйцзяҥ" (回疆 Мусульманнар дойдулара) диэн ааттаналара. Кэлин бу икки сир холбоһон Синьцзяҥ диэн аат иҥэриммитэ.
Уйгуур тутулуга суох буолуу иһин хамсааһын активистара бу сири Илиҥ Түркистан (уйг. Шәрқий Түркистан), эбэтэр Уйгуристан (уйг. Уйғуристан) диэн ааттыыллар.
Географията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Синдьээҥ арҕаа Кытайга турар, иэнэ 1 664 897,17 км².
Синдьээҥ 8 дойдуну кытта 5600 км уһун хонуунан кыраныыссалаах (Монголия, Арассыыйа, Казахстан, Кыргыстаан, Тадьикистаан, Афганистан, Пакистан уонна Индия). Ону кытта Синдьээҥ атын Кытай провинцияларын кытта кыраныыссалаах - Ганьсу, Цинхай уонна Тибет.Хотугу чааһын Джунгарскай дэхси сир сабардыыр, соҕуруу чааһын Кашгаар дэхси сирэ сабардыыр, киин чааһыгар Такла-Макан кумах куйаара турар. Дэхси сирдэр икки ардыларыгар Тянь-Шань сис хайалара сыталлар.
Үрдүк чыпчаала — Улугмузтаг хайа (Улуу Муус Хайа) - 7723м.
Климата - кураайы, сытыы континентальнай, контрастнай.
Сүрүн өрүстэрэ — Талим, Или, Иртыш. Сүрүн күөллэрэ — Баграшкёль, Эби-Нур, Тяньчи.
Демографията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2018 сыл туругунан СУАР олохтооҕун ахсаана 24,870,000. Манна 47 омук олорор, олортон саамай элбэх ахсааннаахтара — уйгуурдар, кытайдар (хань), казаахтар, дуҥгааннар (хууйдар), ойрааттар, монголлар, кыргыыстар, сиболар, узбектар, маньчжурдар, даурдар, татаардар, нууччалар уо.д.а.
СУАР омуктара, 2015 с. | ||
---|---|---|
Омук | Ахсааннара | уопсай ахсаан % |
Уйгуурдар | 11,303,300 | 46.42% |
Кытайдар | 8,611,000 | 38.99% |
Казаахтар | 1,591,200 | 7.02% |
Дуҥгааннар | 1,015,800 | 4.54% |
Кыргыыстар | 202,200 | 0.88% |
Монголлар | 180,600 | 0.83% |
сарыколлар | 50,100 | 0.21% |
сиболар | 43,200 | 0.20% |
маньчжурдар | 27,515 | 0.11% |
Туцзя | 15,787 | 0.086% |
Узбектар | 18,769 | 0.066% |
Нууччалар | 11,800 | 0.048% |
мяо | 7,006 | 0.038% |
Тибеттар | 6,153 | 0.033% |
Чжуаннар | 5,642 | 0.031% |
Татаардар | 5,183 | 0.024% |
Салаардар | 3,762 | 0.020% |
атыттар | 129,190 | 0.600% |
Историята
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Историята Синьцзян территориятыгар киһи былыргы кэмнэртэн ыла олохсуйбута.
Чаҥ үйэтигэр (б.э. иннинэ 3 тыһ. сыл) арҕааттан сүөһү иитэр арий биистэрэ кэлэн олохсуйбуттара. Кинилэртэн тохардар диэн иран тыллаах омук үөскээбитэ. Былыргы Кытайга кинилэр юэчжи (月氏) диэн аатынан биллэллэрэ. Кинилэр Кашгар, Турпан уонна Хотан куораттары олохтообуттара.
Б.э. иннинэ II-с үйэҕэ илинтэн кэлбит хуннар Модун баһылыытынан тохардар аҥардарын сэриилээн ылбыттара. Хас да уонунан сыллар кэнниттэн гуннар ыган киириилэрэ тохтотуллубута. Тохардар кытайдарга Улуу солко суолун тутарга көмөлөспүттэрэ. Б.э. иннинэ 1-кы үйэҕэ тохардар буддизм ылыммыттара. Кинилэр тыллара Илиҥ Туркестаҥҥа 8-с үйэҕэ дылы хаалбыттара.
1-кы үйэ бүтүүтүгэр Бань Чао Синдьээн сирин сэриилээн ылан Хань кытай империятыгар киллэрбитэ.
93-с сыллаахха кытайдар, сэнбилэр (былыргы монгол омуга), динлиннэр (былыргы түүр омуга) хуннары үлтүрүппүттэрэ. Онон сэнбилэр III-с үйэҕэ дылы баһылаан олорбуттара.
552-745 сс. — Түүр хаҕанаатын баһылааһына. Бу кэмтэн ыла Синдьээн түүртээһинин процеһа саҕаламмыта.
603 сыллаахха Түүр хаҕаната икки аҥы арахсыбыта: Арҕааҥҥы Түүр уонна Илиҥҥи Түүр хаҕаната үөскээбитэ. Ол иһин бу регион историческэй аата - Илиҥ Түркестан.
VII-с үйэ ортотугар Синдьээн сирдэрэ кытай Таҥ империятыгар киирбитэ. Таҥ баһылааһына VIII үйэ ортотугар диэри буолбута.
745-с сыллаахха Уйгуур хаҕанаата үөскээбитэ. Ол киинэ билиҥҥи Монголия сиригэр этэ. Итэҕэлэ - манихейство. 840 с. бу дойду сүүрбэ сыллаах кыргыс сэриитин кэнниттэн суох буолбута. Уйгуурдар кыргыстартан үтүрүллэн Илиҥҥи Түркистаҥҥа көһөспүттэрэ. Ол кэннэ уйгуурдар Ганьсуга уонна Турфаҥҥа бэйэлэрин дойдуларын тэрийбиттэр. Арҕаа көспүт уйгуурдар - буддист итэҕэллээх ( Уйгуур Турпан дойдута) олохтообуттара. Киин куораттара - Кочо (Турпан) уонна Бешбалык. Бу дойду 500 сыл кэриҥэ баар буолбута.
Бу кэмҥэ олохтоох уйгуурдар, атын түүр омуктарын кытта Харахаан илин олохтообуттара Онон, I тыһыынча сыл бүтүүтэ уйгуурдар бу регион төрүт омугунан буолбуттара.
1207 Уйгуур Турпан дойдута Монгол империятын бассаала буолбута. XIII-с үйэҕэ Чаҕатай улууһугар киирбитэ. Ол иһин урукку уйгуур тыла чаҕатай диэн ааттанар. Дойду илиҥ эрэ чааһа - Турпан уонна Кумул - Үгэдэй (Чыҥыс хаан үһүс уола) улууһугар киирбиттэрэ.
XIV-с үйэ ортотугар Чаҕатай улууһуттан Моҕолистан тахсар. Бу - XIV үйэ ортотугар Казахстан Соҕуруулуу-Илиҥҥи сиригэр (Балхаш Күөлтэн соҕуруу) уонна Кыргыстан (Ысык-Күөл кытылыгар) үөскээбит дойду.
1399 с. Синдьээн хоту территорията Ойрат хан солототугар киирбитэ. Уйгуурдар дойдуларын хоту чааһын сүтэрбиттэрэ да буоллар, бэйэлэригэр илиҥҥи сирдэрин төнүннэрбиттэрэ - чуолаан эттэххэ Турпан уонна Кумул куораттарын.
17-с үйэ ортотугар Дьуҥҕар ханствота төрүттэммитэ. Киин куората - Хульда (билигин Иниҥ).
18-с үйэ ортотугар, үһүс ойрат-маньчжур сэриитин түмүгүнэн, Цин маньчжур империята Дьуҥҕар ханствотын сэриилээн ылбыта. Синдьээн соҕууруу сирдэригэр уйгуурдар истэригэр сомоҕолоһуу суоҕуттан туспа дойду олохтоммотоҕо. Онон Дьуҥҕар уонна Илиҥ Түркистан сирдэрэ Цин империятын колониялара буоланнар, 1760-с сыллаахха биир территорияҕа холбонон, Синьцзяҥ (新疆,саҥа сир/быыс) диэн ааттаммыттара. Ол сылга Кашгарга Цин былааһын утары улахан өрө туруу буолбута. Ол кэннэ уйгуурдар өрө туруулара наар буолара. Бу кэмҥэ Цин империята Британияны утары Опиум сэриитигэр кыттара (1840-1860).
Кэлин Илиҥ Түркистаҥҥа биэс ил үөскээбитэ — Кучар хааныстыбата, Кашгар хааныстыбата, Хотан ислам илэ, Үрүмчи султаната уонна Или (Таранчы) султаната. Уйгур баһылыктара дойду холбоһуга булгуччулааҕын өйдүүллэрэ да буоллар, бэйэ-бэйэлэрэ тус сыалларыттан-соруктарыттан сылтаан кыайан болдьоспотохтор. Кашгар баһылыктарын биирдэстэрэ, Якуб-Бек, омугу холбоон, Йеттишар (Сэттэ курат) диэн дойдуну 1865 сыллаахха олохтообута. Онон, уон үс сылы быһа уйгурдар туспа дойдулаах олорбуттара. 1870 сыллаахха Якуб-Бек Йеттишар дойдутугар Үрүмчи султанатын эмиэ киллэрбитэ. Оттон Или (Таранчы) султанатын 1871 сыллаахха Россия империя сэриилээн ылбыта. Россия армията онно уон сыл тухары олорбута. Ол кэмҥэ Йеттишар аан дойду билиниитин ситиһэ сатаабыта. Да буоллар, Россия империята да, Британия империята да, бу или билиммэтэхтэрэ. Цин империята буоллар, Якуб-бек автономия бэриллиитин туһунан көрдөһүүтүн ылыммакка да, эмиэ сэрииннэн түспүтэ. 1877 сыл ыам ыйыгар Якуб-бек өлбүтүн кэннэ, алтынньыга Йеттишар хас да дойдуга хайдан, Цин империята сыл бүтэһигэр уйгурдар дойдуларын усхатык сэриилээн ылбыта. Хас да тыһыынча мусульманнар өлөрүллүбүттэрэ. Цин армиятыттан быыһанан хуэйдар (кытай мусульманнара) Россия империята Орто Азиятын сирдэригэр куотан, дуҥган омуга үөскээбитэ. 1881 сыл олунньу 24 күнүгэр Цин империята уонна Россия Илии кыраайын туһунан дуогабары баттаабыттара. Дуогабар тутааҕынан, Или кыраайын улахан өттө (80% кэриҥэ) Цин империятыгар бэриллибитэ.
1884 сыллаахха Илиҥ Түркистан территорията төттөрү Синьцзян диэн ааттаммыта. Киин куоратынан Үрүмчи буолбута. Ол да буоллар Или кыраай 23 тыһ. км² Россия империятыгар тиксибитэ. Билигин бу Казахстаан Алматы уобулаһын Уйгуур, Райымбек уонна Панфил оройуоннарыгар киирсэллэр.
Кытай 1912 сыллаах Синьхай революциятын кэннэ Карҕалык, Яркенд, Хотан уонна Кумул куораттарыгар уйгурдар өрө туруулара ааспыта.
1916 с. Россия империята Орто Азия өтө туруутун саба батааһынын кэннэ Синдьээҥҥэ онтон элбэх киһи куотан кэлбитэ.
Россияҕа коммунистар былааска кэлбиттэрин кэннэ, элбэх "үрүҥнэр" куотан кэлбиттэрэ.
1920-с сылларга ССРС уонна Синдьээҥ икки ардынан эргиэн элбээбитэ. 1930-с сылларга ССРС бу региоҥҥа бэйэтин көмөтүн элбэппитэ. Сэбиэт үлэһиттэрин күүстэринэн 1935 с. хас да суол тутуллубута: Үрүмчи-Хоргос, Үрүмчи-Зайсан, Үрүмчи-Бахты, Үрүмчи-Хами (Хумул). Элбэх промышленнай объект тутуллубута.
1933 с. Синдьээн салайааччытынан Шэн Шицай буолбута. Кини тохсунньу 1941 сыл Сталиҥҥа Синдьээни ССРС 17-с союзнай республикатынан ыларга көрдөспүтэ да, олунньуга аккаас тиийбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытын кэннэ Синдьээн Сэбиэскэй Сойууһу аһынан, түүнэн өйөөбүтэ.
XX-с үйэҕэ манна кылгас бириэмэҕэ иккитэ уйгур дойдута баар буола сылдьыбыта:
- Илиҥ Түркистан Ислам республиката (Шәрқий Түркистан Ислам Җумхурийити) (1933 — 1934);
- Илиҥ Түркистан Революционнай республиката (Шәрқий түркистан жумһурийити) (1944 — 1949).
Алтынньы 1949 с. Илиҥ Түркистан Кытай дьон республикатын састаабыгар киирбитэ. 1955 с. алтынньы 1 Синдьээн-Уйгур аутоном оройуона тэриллибитэ. Ол кэннэ Кытай атын сирдэриттэн манна элбэх кытай көһөн кэлбитэ. Мао Цзэдун ыйааҕынан СУАРы сайыннарарга 1954 сыллаахха Синьцзян производственнай тутуу корпуһа (кыт. 新疆生产建设兵团 Xīnjiāng shēngchǎn jiànshè bīngtuán) тэриллибитэ. Бу корпус алта саҥа куораты туппута (Куйтунь, Шихэцзы, Арал, Уцзючү, Тумшук, Тяньбэй, Бэйтуань).
1964 с. алтынньы 16 КДР бастакы ядернай тестын СУАР территориятыгар баар Лобнор диэн хаппыт күөлгэ ыыппыта.
1960-с сыллардаахха ССРС уонна КДР сыһыана мөлтөөбүтүн кэннэ, ССРС уйгурдар сепаратист хамсааһыннарын өйүүрэ. Ол кэмҥэ 60 муҥ уйгуур уонна казах Синьцзянтан Казахстаҥҥа (Казах Сэбиэт Социалист Республикатыгар) куоппуттара.
1991 сыллаахха ССРС урусхаланан, Орто Азия "Арҕаа Түркистан" (Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Туркменистан, Узбекистан) босхоломмутун кэннэ, 1993 сыллаахха "Илиҥ Түркистан ислам хамсааһына" үөскээбитэ. Бу түмүү 200-тэн тахса террористическай дьайыыны тэрийбитэ.
2009 сыллаахха Үрүмчүгэ уйгуурдар улахан долгуйуулара буолбута. Түмүгэр 129 киһи өлбүтэ, 1600 — оһолломмута.
Сирдэринэн Араары
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]300px | |||||
№ | Аата | Уйгуурдуу аата | Кытайдыы аата | Пиньинь | Примечания |
---|---|---|---|---|---|
1 | Үрүмчи куорат | Үрүмчи шәһри | 乌鲁木齐市 | Wūlǔmùqí shì | |
2 | Карамай куорат | Қарамай шәһри | 克拉玛依市 | Қарамай шәһри | |
3 | Турпан | Турпан | 吐鲁番市 | Tǔlǔfān shì | |
4 | Кумул (Хами) | Қумул вилайити | 哈密市 | Hāmì shì | |
5 | Чаҥдзи-Хуэй аутонуом уокуруга | Санжи хуйзу аптоном области | 昌吉回族自治州 | Chāngjí Huízú zìzhìzhōu | |
6 | Бортала-Монгуол аутоном уокуругуа | Бөртала моңғул аптоном области | 博尔塔拉蒙古自治州 | Bó'ěrtǎlā Měnggǔ zìzhìzhōu | |
7 | Баян-Гол аутоном уокуруга | Байинғолин моңғул аптоном области | 巴音郭楞蒙古自治州 | Bāyīnguōlèng Měnggǔ zìzhìzhōu | |
8 | Аксу уокуруга | Ақсу вилайити | 阿克苏地区 | Ākèsū dìqū | |
9 | Кызылсу-Кыргыыс Аутоном Уокуруга | Қизилсу қирғиз аптоном области | 克孜勒苏柯尔克孜自治州 | Kèzīlèsū Kē'ěrkèzī zìzhìzhōu | |
10 | Кашгар | Қәшқәр вилайити | 喀什地区 | Kāshí dìqū | |
11 | Хотан | Хотән вилайити | 和田地区 | Hétián dìqū | |
12 | Или-Казах аутонуом уокуруга | Или қазақ аптоном области | 伊犁哈萨克自治州 | Yīlí Hāsàkè zìzhìzhōu | |
12a | Чугучах (Тарбаҕатай, Тачэҥ) | Тарбағатай вилайити | 塔城地区 | Tǎchéng dìqū | Или-Казах аутонуом уокуругугар киирэр |
12b | Алтай | Алтай вилайити | 阿勒泰地区 | Ālètài dìqū | Или-Казах аутонуом уокуругугар киирэр |
A | Шихэцзы куорат | Шихәнзә шәһри | 石河子市 | Shíhézǐ shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
B | Уцзячү куорат | Ужачу шәһри | 五家渠市 | Wǔjiāqú shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
C | Тумшук куорат | Тумшуқ шәһри | 图木舒克市 | Túmùshūkè shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
D | Арал куорат | Арал шәһри | 阿拉尔市 | Ālā'ěr shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
E | Бэйтунь куорат | Бәйтүн шәһири | 北屯市 | Běitún shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
F | Темэньгуань куорат | Башәгим шәһири | 铁门关市 | Tiĕménguān shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
G | Шуанхэ куорат | Қошөгүз шәһири | 双河市 | Shuānghé shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
H | Көкдала куорат | Көкдала шәһири | 可克达拉市 | Kěkèdálā shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
I | Куньюй куорат | Қурумқаш шәһири | 昆玉市 | Kūnyù shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
J | Хуянхэ куорат | Тоғирақ дәрйаси шәһири | 胡杨河市 | Húyánghé shì | аутоном оройуон бырабыытылыстыбатыгар быһаччы бас бэринэр |
Кыра ахсааннаах омуктар бырааптара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2017 сылтан ыла Кытай СУАР олохтоох омуктар өттүлэригэр ураты политиканы ыытар. Бу политика сүрүн соруга — экстремизмы уонна сепаратизмы суох оҥоруу. Ол курдук, мечеттэр сабыллыбыттара. Исламы кытта ситимнээх материаллар уонна хамсааһыннар бобуллан тураллар. 2014 сыллаахтан ыла "көннөрөн итии лааҕырдара" аһыллыбыттара. Аан дойдутааҕы тэрилтэлэр сыаналыылларынан, бу лааҕыр нөгүө биир мөлүйүөнтэн тахса киһи ааспыттаах. Олортон үгүстэрэ — ислам итэҕэллээх түүр омуктара — уйгурдар, казахтар, кыргыыстар, уо.д.а. Маннык лааҕырдар соруктара — киһи идеологиятын "көннөрүү", исламтан аккаастаныы, партияҕа уонна дойдуга эрэллээх буолуу. Кытай маҥнай бу лааҕырдар баалларын билиммэтэҕэ, кэнники, 2018 сыл бүтүүтүгэр, маннык лааҕырдар көннөрү "үөрэҕирии кииннэрэ" буолалларын туһунан эппитэ.
Маны таһынан төрүт омуктар тылларынан үөрэҕирии эмиэ аҕыйаан турар.
Уйгуурдарга уонна кэлин казахтарга тас дойдуга тахсааһын ыараабыта. Хас да олохтоох казах Казахстаҥҥа куоппуттара, олортон сорохторо легальнайа суох ил границатын туораабыттара. Сорох уйгуурдар кэнники сылларга Афганистан, Сирия, Турция курдук тас дойдуларга тахсан, онно Кытайы утары террористическай дьайыылары бэлэмнииллэрин иһин Кытай маннык миэрэни ылыммыта. Сирияҕа 5 тыһыынча кэриҥэ уйгур ИГИЛ өттүгэр сэриилэһэрин туһунан биллэрэ. Онон, өскөтүн ким эрэ мусульман дойдутугар сылдьыбыт, эбэтэр онно тиийэн ислам итэҕэлин үөрэппит буоллаҕына, хаайыыга угуллуон сөп.
Киһи тас-көрүҥүгэр даҕаны хас да бобуу баар. Ол курдук, эр дьон уһун бытык үүннэрэллэрэ, дьахталлар былаат кэтэллэрэ көҥүллэммэт.
Массабай кэтэбил, транспорт тэриллэригэр GPS-датчиктары туруоруу, уонна 16-65 саастаах дьонтон ДНК хомуйуутун туһунан сурахтар бааллар.