1650
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1646 1647 1648 1649 — 1650 — 1651 1652 1653 1654 |
Уоннуу сыллар |
1620-с 1630-с 1640-с — 1650-с — 1660-с 1670-с 1680-с |
Үйэлэр |
XVI үйэ — XVII үйэ — XVIII үйэ |
1650 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 14 — Дьокуускай бойобуодата Дмитрий Францбеков уонна дьяк Осип Степанов Максим Михайлов диэн баһылыктаах дьоҥҥо Өлүөхүмэ остуруогун Федор Афанасьев диэн баһылыктаах дьаһаах хомуйааччыларыттан тутар туһунан сорудах-өйдөбүнньүк (наказная память) суруйбуттар. Сорудахха эргэ остуруогу бөҕөргөтөр, дьаһааҕы хайдах хомуйар туһунан ыйыылар-кэрдиилэр бааллар[1].
- Ыам ыйын 26 — Ерофей Хабаров кыһыҥҥы бохуоттан Дьокуускайга төннөн кэлбит. Даур кинээстэрэ Лавкай уонна Богдой тустарынан сибидиэнньэлэри аҕалбыт. Санаттахха сахалар Зея уонна Бурея өрүстэргэ олохтоох даурдары кытта эргинэллэрэ эбитэ үһү. Кэлин даурдар Поярков уонна Хабаров салалталаах этэрээттэр хаҕыс сыһыаннарын тулуйбакка Даурияттан көһөн Кытайга баран биэрбиттэрэ. Холобур, Гуйдар диэн кинээс сэлиэнньэтин ылалларыгар хаһаактар 661 дауру өлөрбүттэрэ (онтон 427 кыргыһыы кэмигэр), 243 дьахтары уонна 118 оҕону билиэн ылбыттара.
- Бэс ыйын 5 — Ерофей Хабаров Амырга бастакы айаныттан Дьокуускайга төннөн кэлбит. Даурдар сирдэрин ойуулаан аҕалбыта Москубаҕа ыытыллыбыт, бу ойуута 1667 уонна 1672 сыллардаахха Сибиир каартатын оҥорууга туһаныллыбыта.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 11 — Рене Декарт — биллиилээх Франция бөлүһүөгэ уонна физигэ. Математика, физика уонна философия араас уобаластарыгар кинигэлэр ааптардара.
- ↑ РГАДА, Ф. 1177. Якутская приказная изба. Д. 907, л. 34-42 (А.А. Калашников, История Якутии в фондах федеральных архивов России, справочник, 2012)