Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

1900

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1896 1897 1898 189919001901 1902 1903 1904
Уоннуу сыллар
1870-с 1880-с 1890-с1900-с1910-с 1920-с 1930-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ
  • Кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыыннан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
  • Балаҕан ыйын 27 — Чурапчы улууһун Арыылаах орто оскуолата аһыллыбыт. Манна бастакы үөрэнээччилэр истэригэр Иван Николаевич Винокуров — кэлин САССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ, Алексей Федотович Бояров — кэлин үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома, биллиилээх тылбаасчыт бааллар эбит.
  • Сэтинньи 9 — Арассыыйа сүүс тыһыынчалаах аармыйата Маньчжурияны бүүс бүтүннүүтүн ылбыт.
  • Муус устар 7 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
  • Муус устар 14 — Парижка Бүтүн аай дойдутааҕы быыстапка аһыллыбыт. Бу быыстапкаҕа икки саха киһитэ саха култууратын билиһиннэрбиттэрэ: учуутал Дмитрий Сивцев уонна 57 саастаах Сунтаар урукку кулубата Георгий Терешкин. Быыстапка сэтинньи 12 күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Сахалар от ыйын 20 чыыһылатын эргин Германияннан эргийэн Парижка тиийбиттэрэ, онно уон хомуттара, саха сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы таҥастарын кэтэн көрдөрөллөр, Сивцев боронсуустуу кэпсиир эбит[1].
  • Муус устар 30 — Гавайи арыыларын АХШ бэйэтигэр сыһыарбыт.
  • Бэс ыйын 21 — Боксердар өрө туруулара: Кытай Цыси дьахтар ыраахтааҕы ыйааҕынан АХШ-ка, Британияҕа, Германияҕа, Францияҕа уонна Японияҕа сэриини биллэрбит.
  • Ахсынньы 14 — Квант механикатын төрөөбүт күнэ: ньиэмэс учуонайа Макс Планк хара эттик сандаардыытын сокуонун туһунан дакылаат аахпыт.
  • Ахсынньы 24 — кыраныысса таһыгар «Искра» бастакы нүөмэрэ тахсыбыт — РСДРП бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы хаһыата.
  • От ыйын 6 — Зверев Сергей Афанасьевич-Кыыл Уола (1900—1973) — олоҥхоһут, РФ культураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын искусствоҕа үтүөлээх диэйэтэлэ, 1939 с. СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
  1. Сардаана Боякова. Учитель Д.Д. Сивцев - представитель Якутской области на Всемирной Парижской выставке 1900 г. // Внешние связи Якутии сквозь призму времени. : Сборник статей. — Якутск, 2019. — С. 48-54.