Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

1998

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1994 1995 1996 199719981999 2000 2001 2002
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с1990-с2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1998 сыл.

  • Тохсунньу 1Арассыыйаҕа деноминация ыытыллыбыт. Саҥа биир солкуобайга 1000 урукку солкуобай тэҥнэһэр буолбут, туттууга копейка төннүбүт.
  • Тохсунньу 12 — Европа 19 дойдута киһини клоннааһыны боборго сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • Тохсунньу 23 — СГУ ректора Василий Филиппов Ил Түмэн Өрөспүүбүлүкэ палаататын бэрэстээтэлинэн талыллыбыт. Михаил Николаев бу дуоһунаска Егор Жиркову көрөр этэ, ол эрээри санаатын Вячеслав Штырову кытта тохсунньу 21 күнүгэр көрсүһүү кэнниттэн уларыппыта диэн көмөлөһөөччүтэ Иван Николаев кинигэтигэр суруйар. Василий Филиппов кэлин быһаарыылаах кэмҥэ Талакааҥҥа куоластааһыны тохпута, Михаил Николаев үһүс болдьоххо барыытын эмиэ туорайдаабыта.
  • Тохсунньу 24Вячеслав Штыров туруорсуутунан 1992 сыллааҕы дуогабар хос көрүллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнөр урукку "Якуталмаз" ПНО имущественнай комплексын куортамын сыаната 27 бырыһыантан 21,5 бырыһыаҥҥа түспүт. Бу төлөбүр оччотооҕуга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн киирэр үбүн сүрүн ыстатыйата этэ. Маны таһынан, Штыров туруорсуутунан, бу кэмҥэ тэрилтэ имущественнай комплексын сыаната уонтан тахса төгүл түһэриллибитэ.
  • Тохсунньу 25Куубаҕа сылдьыытын кэмигэр Рим паапата Иоанн Павел II дойдуга бэлиитикэ уларыйыахтааҕын уонна бэлиитикэ хаайыылаахтарын босхолууру модьуйбут, ону таһынан АХШ Куубаны изоляциялыы сатыырын сөбүлээбэтин эппит.
  • Тохсунньу 29 — Дьокуускайга Тиэрмин-арпагыраапыйа хамыыһыйатын (ТАХ) мунньаҕар саха тылын саҥа алпаабытын, арпагыраапыйатын бырайыактара дьүүлгэ турбуттар. Хамыыһыйа элбэх бэлиэтээһини, этиини киллэрбит, бырайыактары сүнньүнэн сөптөөҕүнэн аахпыт уонна 1998 сылга үлэни түмүктээн ТАХ киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар дьүүлгэ туруорарга быһаарбыт. Ол кэнниттэн хамыыһыйа салалтата уларыйбыта, үлэ түмүктэниитэ харгыстаммыта.
  • Ыам ыйын 6Стив Джобс (Apple Inc.) бастакы iMac көрдөрбүт.
  • Ыам ыйын 13Джакартаҕа (Индонезия) бөдөҥ дьалхаан кэмигэр олохтоох кытайдар маҕаһыыннарын халаабыттар, дьахталларын күүһүлээбиттэр.
  • Ыам ыйын 28 — "Чагай-I" бырайыак чэрчитинэн Пакистан бэйэтин бастакы атомнай бомбаларын дэлби тэптэрбит. Инньэ гынан Пакистан ядернай сэрии сэбин бас билэр ахсыс судаарыстыба буолбут.
  • От ыйын 10 — Усуйаана улууһугар үөскүү сылдьыбыт Власово бөһүөлэк учуоттан уһуллубута. 1989 с. биэрэпискэ 2087 киһи олоро сылдьыбыта бэлиэтэммит.
  • Сэтинньи 1Европатааҕы киһи быраабын суута олохтоммут.
  • Сэтинньи 3 — «Сахаювелир» ХЭТ үлэлииригэр анаан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 43 кг көмүһү уонна 1200 караат бирилийээни иэс биэрэргэ уураах таһаарбыт.
  • Сэтинньи 20 — Байконур космодромуттан "Заря" диэн Дойдулар ардыларынааҕы космос станциятын (нууч. Международная космическая станция - МКС) бастакы модула орбитаҕа таһаарыллыбыт. МКС билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлиир, бырайыакка 14 дойду кыттар, 2020 сыл туругунан станцияҕа 241 космонавт сылдьыбыт. Станцияҕа уопсайа 100 миллиард евро бараммыт диэн сабаҕалааһын баар, инньэ гынан космос бырайыактарыттан саамай үрдүк сыаналаахтара буолар.
  • Ахсынньы 28 — Өрөспүүбүлүкэҕэ "Сылгыны иитии туһунан" сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.
  • Бэс ыйын 26Алексей Бродников (26.02.1917 төр.) — бэйиэт, прозаик, СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэрии кыттыылааҕа. 1965 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.


  • Сэтинньи 22 — Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.