Билгэ хаан
Билгэ хаан Богю (кытай. 毗伽可汗, пиньинь pijiakehan, палл. Пицзякэхань, тус аата Богю, былыргыта. Бигя-хан Могилянь; тус аата (саба5а быһыытанан) кыт. 阿史那默棘連, пиньинь ashinamojilian, палл. Ашина Моцзилянь) — 715 - 734 сыллардаахха Илин Түүр хаҕанатын хаҕана. Күл-Тэгин ставленнига. Билгэ хаан, Күл Тэгин уонна Тоньюкук салалтатынан хаҕанаат Тан импиэрийэтин кытта өр кэмнээх эйэлээх сыһыаны олохтообута.
Биографията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Төрдө ууһа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Эпитафияларга сурулларынан, Билгэ хаан 683 сыллаахха төрөөбүт. Кини Эльтериш хаҕан улахах уола этэ. Кини быраата Күл Тэгин хаҕанат улуу дьоруойа этэ, олус элбэх быһаарыылаах кыайыыны аҕалбыта, убайын мэлдьи хонтуруоллуу сылдьара. [[Файл:Kul_Tigin.jpg|мини|Күл-Тэгин баһын ойуута, 731 сыллаахха Билгэ хаан оҥорторбута]]
Салайыыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кини олбоххо олоруутугар Күл Чур, Таман таркан, Тоньюкук, Буюрук, Күл Эркин уонна да атыттар бэйэлэрин дьоннорун, сэриилэрин кытта бааллара. Ол күн тута сэттэ уон саастаах Тоньюкук хаҕан сүбэһитинэн анаммыта. Түүрдэр бары долгуйбуттара, Билгэ хааны истиэн баҕалаах киһи аҕыйах этэ. Ол иһин кини Тан импиэрийэтин сэриилээтэхпинэ норуоппун сомоҕолуом диэн санааны ылыммыта. Ону муударай Тоньюкук сүбэлээн, сэрии саҕаламматаҕа, күүспүт өссө ситэ хомулла илик эбит дэспиттэрэ. Ону таһынан Тоньюкук Билгэ хааҥҥа орда ыстаапкатыгар Кытай храмнарын уонна эркинин тутума диэн сүбэлээбитэ.
Хаҕанат тас бэлиитикэтин бүтүннүү Күл Тэгин салайара. Саҥа хаҕан токуз-огустары кытта сыһыана буорту буолбута. Олор сорохторо Тан импиэрийэтигэр холбоспуттара. Сорохторо Селенгэ өрүскэ кыдыллыбыттара.
Өйдөбүл
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Билгэ хаан 735 сыллаахха, Сибиинньэ сылыгар, 5 ый (сайын, от ыйа буолуон сөп) 27 күнүгэр алтан уҥуоҕа араҥастаммыта. Йоллыг-тегин Ижань-хан көмүү үлэтин хамнаһын барытын сүрүннээбитэ. Ити күн кутурҕаҥҥа ылларбыт түүрдэр баттахтарын кырыммыттара, кулгаахтарын уонна иэдэстэрин быһаҕынан хайа соттубуттара. Билгэ хаан аатын ааттаан туран сылгылары, ыттары, хара саарбалары, күөх тииҥнэри өлөрөн ытык ыспыттара.
Йоллыг-тегин Ижань-хан кытай уустарын кытта аатырбыт Орхон суругун туруорбута. Онно кини Билгэ хааны уонна түүр монархиятын арбаан сурук суордарбыта. Ол суркка сурулларынан, Йоллыг-тегин сымара таас суругун биир ый 4 хонук иһигэр суруйтаран бүтэрбит, "таба хайаҕа сүүрэрин саҕана", ол эбэтэр, быһа холоон, атырдьах ыйыгар. Халыып:Последовательность людей
Өссө көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Литэрэтиирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сергей Ефимович Малов. Памятники древнетюркской письменности Монголии и Киргизии. Издательство Академии Наук СССР, 1959. Страницы 11—25.