Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Дьанибэк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ытык Алексий Тайдула хотуну эмтиир, Яков Капков (1816–1854).

Дьанибэк (эргэрбитэ Чанибэк[1]; өлбүт сыра 1357) — 1342–1357 сылларга Алтан Ордуу хаана, Узбек хаан үһүс уола. Дьанибэк Ирааны кытта ситиһиилээхтик сэриилэһэн Алтан Ордууга Азербайдьааны холбообута, ол түмүгэр Алтан Ордуу муҥутуур күүһүгэр тиийбитэ уонна Арҕааҥы Сибиири, Булҕар Улууһун (уруккута Волгатааҕы Булҕар сирэ), Маҥан Ордууну (билиҥҥи Казахстаан, Хорезм), Күөх Ордууну (Кубань, Дон, Кырыым), Кавказ улууһун (Азербайдьааны кытта холбуу) баһылаабыта. Ону таһынан Алтан Ордууттан нууччалар сирдэрэ эмиэ тутулуктаах этэ.

Дьанибэк убайдарын Тинибэк хааны уонна Хызыры өлөрөн былааска тиийбитэ. Кини киин былааһы күүһүрдүү уонна ону тэҥэ тутулуктаах дойдулар дьыалаларыгар кыттыһыы политикатын ыыппыта. Ол да буоллар нуучча суруктарыгар Дьанибэги "Добрый" диэн ааттаабыттар[1]. 1347 сыллаахха Дьанибэк нууччалар сэриилэригэр сэриинэн барбыта, онтон атын нууччалары кытта сэрии Дьанибэк кэмигэр буолбатаҕа[2].

Дьанибэк хаан буолуутугар Алтан Ордуу атын дойдулары кытта сыһыана мөлтөх этэ. 1343 сыллаахха Дьанибэк Кырыымҥа баар Италия дьонун утары сэриинэн барбыта. 1345 сыллаахха Венеция уонна Генуя дьоно Риим папатын Төрдүс Климент көҥүлүн ылан Дьанибэги утары "Крестовый поход" тэрийбиттэрэ. Ол эрээри Ордуу утары сэрии бастатан туран Венеция уонна Генуя дьонугар хорумньулаах буолан, сэрии түргэнник бүппүтэ уонна өстөөхтөр эйэлэспиттэрэ[3].

Дьанибэк арҕаа дойдулары утары сэриитэ ситиһиитэ суох буолбута. 1344 сыллаахха Польша ыраахтааҕыта Үһүс Казимир Галиция уонна Волынь сирин былдьаһан Ордууну утары сэриини саҕалаабыта уонна 1340-с сыллар бүтүүлэригэр сыалын ситиспитэ. Ону таһынан Алтан Ордуу соҕуруулуу арҕааҥы сирдэрин Литва кинээһэ Ольгэрд сэриилээн ылбыта[3].

Тас сыһыаннарга хотторуулар Маҥан Ордуу (Алтан Ордуу илиҥҥи өттө) Алтан Ордууттан туспа барарга санааларын күүһүрдүбүттэрэ. Ол түмүгэр Маҥан Ордуу хаана Чимтэй чахчытынан киин былаастан тутулуга суох буолбута. Ону таһынан Шибан сыдьаана Инсан-хаан бэйэтин харчытын таһааран саҕалаабыта, ол аата кимтэн да тутулуга суоҕун биллэрбитэ[3].

Кытыы улуустар Алтан Ордууттан арахсар санаалара күүһүрбүтүн иһин Дьанибэк нуучча кинээстэрин кытта сыһыанын сайыннарбыта. Ол курдук 1348 сыллаахха Литва кинээһэ нуучча сирин сэриилээн ылаары Дьанибэктэн көмө көрдөөн киниэхэ илдьит ыыппытын, Дьанибэк ол илдьити нууччаларга туттарбыта.

1357 сыллаахха Дьанибэк Ираан Азербайдьааныгар баар Тэбриз куораты сэриилээн ылбыта уонна Азербайдьаан сирин Алтан Ордууга холбообута.

Нуучча суруктарыгар суруллубутунан 1357 сыллаахха Дьанибэк ийэтэ Тайдула хотун ыалдьыбытыгар кинини эмтии нуучча таҥараһыта Ытык Алекдий кэлбитэ.

Дьанибэк Кавказ сэриититтэн төннөн баран ыалдьан түргэн баҕайытык өлөн хаалбыта. Дьанибэк туохтан өлбүтүн чинчийээччилэр билиҥҥэ диэри чопчу быһаара иликтэр. Дьанибэк өлбүтүн кэннэ саҥа хаан кини уола Бэрдибэк буолбута[4][5]

  1. 1,0 1,1 Чанибек // Брокгауз уонна Ефрон энциклопедическай тылдьыта: 86 туомнаах (82 т. уо. 4 эб.). — СПб., 1890—1907.
  2. Советская историческая энциклопедия / Под ред. Е. М. Жукова. — М.: Советская энциклопедия, 1973−1982.
  3. 3,0 3,1 3,2 Жанибек // Казахстан. Национальная энциклопедия. — Алматы: Қазақ энциклопедиясы, 2005. — Т. II. — ISBN 9965-9746-3-2.
  4. Бердибек // Проект «Правители мира»
  5. Бердибек // Брокгауз уонна Ефрон энциклопедическай тылдьыта: 86 туомнаах (82 т. уо. 4 эб.). — СПб., 1890—1907.