Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Лазер

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Лазер (ааҥл. laser, "light amplification by stimulated emission of radiation" диэнтэн акроним) ол эбэтэр оптическай квантовай генератор — тас энергияны (сырдык, электричество, итии, химическэй уо.д.а. энергиятын) когерентнай, монохром, поляризованнай, чопчу хайысхалаах энергия (эрчим) сардаҥатыгар уларытар тэрил[1].

Лазер физическэй олоҕо квантомеханичакэй көстүү индуцированнай сыролатыыта буолар. Лазер уота күүстээх быстыыта суох эбэтэр импульсивнай буолуон сөп. Сорох схемаларга лазер үлэлиир өрүтэ атын источнигы күүһүрдэргэ туттулаар. Лазер араас көрүҥэ баар, ол көрүҥнэрэ вещество бары агрегатнай туругар туhaныллар. Хайа эрэ лазердар (Холобур: Полихроматическэй кытаанах эттиктээх эбэрр кырааскаҕа олоҕурар) киэҥ спектальнай диапозонҥа бүтүн частота набуорун оҥорор кыахтаахтар. Кээмэйдэрэ олох кыра микроскопическайтан, футбуол хонуутугар дылы буолар. Дьэҥҥэ көстөр хаачыстыбалара, лазеры киэҥ обаласка туттарга көҥүл биэрбитэ, ол иhигэр: наука,тиэхникэ, медициинэ уо.д.а.

  • 1916 с А. Эйнштейн күһүллэммит сардаҥа баар буолар сэрэйбитэ.
  • Кытаанах теоритичэскэй олохтооhуну бу көстүү 1927-1930 сыллырга П. Дирак үлэтигэр миэстэ булбута.
  • 1928 с Р. Ладенбург уонна Г Копферман күһүллэмит сардаҥа баарын эксперимен оҥорон дакаастабыттара.
  • 1940 с В. Фабрикантынан уонна Ф. Бутаебынан күһүллэмит сардаҥа, электромагнитнай сардаҥаны күүһүн улатыннарарга туттулуон сөбүн сэрэйбиттэрэ.
  • 1945 с А. Кастлер оптичекай накачка ньыматын эйгэтин, инверснай нэhилиэннэс оҥорорго туттуохха диэбитэ. Ити ньыманы 1952 эрэ сыллааха 3 учонайынан олоххо киирбитэ: Броссель, Кастлер уонна Винтер.
  • 1954 с, бастакы аммиак олоҕурбут кыра долгуннах (микроволновай) генератор айылыбыта.
  • 1960 с, ыам ыйын 16 күнүгэр Т. Мейман бастака квантовай генератор- лазер үлэтин көрдөрбүтэ.

Физика билигин да түргэнник сайдар. Лазер айылыбыт кэмиттэн, хас сыл айы кини саҥа көрүҥэ тахсан иhэр.1961 с неонлвай тааска олоҕурар лазер үөскэбитэ, онтон кэлэ 5 сыл иhигэр лазерный диод, кырааскаҕа олоҕурар лазер, диоскид улеродыгар олоҕурар лазер уонна химичэскэй лазердар айылыбыттара.1963 с Ж. Алферов уонна Г. Кремер полупроводникавай гетероструктуралар теорияны айбыттара, ити теория санатыгар олоҕурар эмиэ лазер араас көрүҥэ баар буолбута.

Лазер классификацията

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Лазер араас кэмнэлинэн классификацияланар:

Агрегантный туругунан уонна көхтөөх hэк көрүҥүнэн:

  • Газовай.
  • Кытаанах эттиктээх, ол иhигэр волокнуо эмиэ киирэр.
  • Убаҕас.
  • Тимир паарыгар.
  • Полупродниковай.
  • Көҥүл экектроннарга.

Накачкатын ньыматынан уонна үлэтин туругунан:

  • Электрическэй иитии.
  • Электроннар курбуу-та.
  • Киэҥ оптическэй накачка уонна синньигэс сыралытыы.
  • Полупроводниковай көһүү электроннай инжекцията.
  • Рекомбинационай - плазма иһинээҕи ионнар уонна электроннар рекомбинациялара.
  • Химимческэй реакция.
  • Итии көбүтүү (Газодинамическай лазер).

Долгунун уhунунан (Диопазонунан):

  • Субмиллиметровай.
  • Инфракраснай.
  • Харахха көстөр.
  • Ультрафиолетовай.
  • Ренгеновскай.

Оҥоһугунан:

  • Быстыыта суох.
  • Импульсивнай

Сыралытыы хаачыстыбатынан:

  • Биир модовай (Киэҥ).
  • Элбэх модовай (Синнигэс).

Атын классификациялар:

  • Импульс эрчиминэн.
  • Импульс кыаҕынан уонна күүһүнэн.
  • Импульс уhунунан.
  • Уларыйар эбэтэр биир долгун уhунугар үлэлиир.
  • Сыралытыы киhиэхэ кутталынан.
  • Производствоҕа: Лазердары производствоҕа билигин киэҥник тутталар: Быhыыга, үүтээһиҥэ, сваркаҕа, пайкаҕа, закалкаҕа, ньууру обрабкулуурга, маркировкаҕа, гравировкаҕа, микрообрабуокаҕа, литографияҕа уо.д.а. Лазернай обработка борустуойдааҕар быдан ордук уонна экономнай буолар. Кини олох кыра уонна кэбирэх материаларынан үлэлиир кыах биэрэр.
  • Медицинаҕа: Улаханнык лазернай сыралытыыны киhи этин-хаанын ньыматыгпр туттуллар. Холобур: харах хирургията уонна харах лазернай корекциятагар, стоматологияҕа, дерматологияҕа. Арас косметическэй процедуларга-татуировка уонна сотороһунугар. Лазер өссө киhи ииһигэр буолар хирургическай операциялар туһанылар, эт-сиин быhаhыныгар хаан куотарын кыччатарга.Лазер терапияҕа эрэ буолбакка ыарыыны буолаhынна эмиэ туттуллар.
  • Метрологияҕа.
  • Информация харайыытыгар.
  • Коммуникционай техгология.
  • Сабардамнаах ойуулааһыҥҥа.
  • Мкроскипия уонна спектроскопия.
  • Уот уонна эрчим ылааhыныгар.
  • Наукаҕа
  • Байыаннай дьыалаҕа.

Лазердары туттуу

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бэйэтин айыаҕыттан лазердар " бэлэм быһаарыылар өссө биллибэт проблемалар»диэн бэйэлэрин өҥөйөн биэрбиттэрэ. Тоҕотун курдук, кинилэр наука уонна техника үгүс салааларыгар киэҥник туттуллаллар (компакт- дискэлэри сүүйтэрээччилэр, лазернай принтердэр, штриходтары, лазернай ыйынньыктары уо. д. А.). Тоҕойдор энергияларын чэпчэкитик ситиһэн баран, локальнай ситимнэри уонна механическай ситэрии (эрэһиинэ, сварка, паайка, гравировканы) оҥорор кыахтанар. Зона чопчу хонтуруола көннөрү ньыманан (холобур, керамика уонна металл) буһарыллыан сөп. Лазер диаметрдаах микрон диаметрдаах туочукаҕа оҥоһуллуон сөп,ол иһин микроэлектроникаҕа айылҕа матырыйаалларын (полупроводник кристалларын эрэһиинэ, анал чараас үүттэри бэчээт былааттарыгар тэҥнээн туһанарга). Лазернай маркировка уонна уус- уран гравировка араас матырыйааллартан оноһуктары гравировкалааһын кээмэйэ) туһанылынна. Лазердар тас сабыылаах матырыйаалы (лазернай легирование, лазернай направка, вакуумнай- лазернай хайысха) ыларга туһаналлар. Кинилэргэ материальнайдык ырытыы механическай өттүнэн сабыдыаллаабат, итии зоната кыра, онон кыра термическай информациялар эрэ үөскүүллэр. Ону таһынан технологическай процесс барыта автоматизацияланар кыахтаах. Ону барытын үрдүк чыпчаалынан, таһаарыылаахтык оңорор.