Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Рейкьявик

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Hallgrímskirkja

Рейкьявик (исл. Reykjavík) — Исландия киин куората, дойду соҕуруулуу арҕаа өттугэр сытар. Нэhилиэнньэтин ахсаана 118 861 (2008) киһи. Тас куораттарын кытта — 200 000 кэриҥэ. Ол аата дойду олохтоохторун 65 % буолар. Саамай хоту сытар судаарыстыба киин куоратынан буолар.

Куорат сүрүн *достопримечательность* таҥара дьиэтэ буолар, аата — hатльсгримкиркья (исл. Hallsgrimkirkja). Иккис бэйэтин суолтатынан хаалсыбат — Перлан (Perlan) буолар. Таҥараларын дьиэтэ олус улахан, куорат бары оттүттэн көстөр. Перлан иhигэр Саага музейа, кафе уонна Исландия саамай ыарахан ресторана баар. Исландецтар викинг төрүттэрин көрдөрөр муора биэрэгэр тимир оҥочо турар. Бу архитектура онгоhуга Исландия билиҥҥитин эмиэ быhаарар — модерн стили ордороллор.

Эдэр киhиэхэ олус үчүгэй табыгастаах куорат — студеннар элбэхтэр, араас дойдуттан сылдьаллар, буолунай саҥа массыыналар бааллар, түүҥҥу олоҕо оргуйан олорор.

  • Искусство музея (The Reykjavik Art Museum)
  • Художественнай музей
  • Скалхолт — таҥара дьиэтэ
  • Тингведлир Национальнай паарка
  • Хверагерди — геотермальнай городок