Сарыг йоҕыр тыла
Сарыг йоҕыр тыла (эбэтэр сары йугур, йуйгу, хара йогур тыла да дииллэр) — сарыг йоҕыр диэн Кытай Ганьсу провинциятыгар олорор омук тыла. Түүр тыллар хакас бөлөҕөр киирэр. Уйгуур, сайаан уонна былыргы түүр бичигинэн суруллубут тылларга чугас.
Билиҥҥи кэмҥэ суруга суох тыллар ахсааннарыгар киирэр, ол эрээри сорох дааннайдарынан кытай суруга туттуллар[1].
Сарыг йоҕырдар Сунань-Югур (Ганьсу) диэн билиҥҥи олорор сирдэригэр IX-с үйэҕэ Уйгуур хаҕаната ыһыллыбытыгар кэлбиттэр (уйгуурдар сүрүннээн Илиҥҥи Түркистаҥҥа, билиҥҥи Кытай Синдьээҥ сиригэр олохсуйбуттар). Сарыг йоҕыр тыла "з" көрүҥнээх тылларга (азак "атах", пэзик "үрдүк"), ол аата хакас уонна шор тылларыгар чугас, ол эрээри Синдьээҥтэн Ганьсуҕа көһөн кэлбин уйгуурдар дьайыылара күүстээхтик биллибит. Сарыг йоҕыр тылын дорҕоонноругар тибиэт уонна кытай тыла күүскэ дьайбыттар. Сарыг йоҕыр тыла күннээҕи олоххо туттуллар. Бу тыл XIX-с үйэ бүтүүтүттэн ылата үөрэтиллибит; чинчийээччилэр: Г.Н. Потанин, С.Г.Э. Маннергейм, С.Е. Малов, Э.Р. Тенишев.
Тыл туһунан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былыргы түүр тылын -d- дорҕооно -з- буолбут, ол иһин сарыг йоҕыр тыла хакас бөлөҕөр киирэр.
Хакас бөлөҕүн тылларыттан сарыг йоҕыр тыла биир саамай былыргы буолар (хакас тылларыттан XII–XIII үйэлэргэ арахсыбыт). Сарыг йоҕыр тылыгар -š- > -s- уонна -č- > -š- уларыйыылара буолбуттар. Ону таһынан j-/ʒ- > n- уларыйыыта суох. Сарыг йоҕыр тылыгар саамай майгынныыр фуйуй-кыргыс тыла буолар.
Эбии көр:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кинигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тенишев Э.Р., Тодаева Б.Х. Язык жёлтых уйгуров. — М.: Наука (ГРВЛ), 1966. — 84 с. — (Языки народов Азии и Африки).
|