Сибэтиэй сир
Тас көрүҥэ
Сибэтиэй сир (ивр. אֶרֶץ הַקֹּדֶשׁ, Эрец ха-Кодеш; лат. Terra Sancta; был.-гириэк. Ἅγῐοι Τόποι; церк.-слав. Ст҃а́ѧ землѧ̀; араб. اَلْأَرْض اَلْمُقَدَّسَة, ’аль-’Ард̣ ’аль-Мук̣аддаса) — Средиземнэй байҕал уонна Иордан өрүс илин кытылын ыккардыларыгар сытар сир. Библияҕа ахтыллар Израиль сирин уонна Палестинаны кытта синонимнар. Аныгы дойдулары ылар буоллахха бу сиргэ Израиль, Палестина судаарыстыбатын сирдэрэ, Иордания арҕаа өттө уонна Ливан соҕуруу өттө уонна Сирия соҕуруулуу-арҕаа сирдэрэ киирэллэр. Иудейдар, христианнар уонна мусульмааннар бу сири сибэтиэй диэн ааҕаллар.