Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Тараҕайдар (ыччат хамсааһына)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тараҕайдар (скинхедтар, скииннэр, тирии төбөлөр) - бу тэрмининэн Арассыыйаҕа үксүн XX үйэ бүтүүтүгэр син тарҕаммыт омугумсуйар ыччат хамсааһынын ааттыыллар, бэйэлэрин атыттартан ураты гынаары баттахтарын күччүччү кырыттараллар, хара тирии кууртка кэтэллэр, атын таҥастара эмиэ үксүн хараҥа өҥнөөх буолар.

Сүрүн идеологиялара омугумсуйууну күүс өттүнэн туругурдуу, дойдуга мөлтөх, аас-туор олох атын омуктар соҥооһуннарынан буолар диэн санаа. Элбэх ыччат идеологияны улаханнык ахсарбакка, бөлөх тас атрибууттарын уонна күүһүн сөбүлээн киирэр. Бу хамсааһын фашизмҥа чугас буолан атрибутикатын үксүн Германия XX үйэтин 30-с сылларынааҕы штурмовиктар атрибутикаларыттан ылар.

Ол гынан баран дьиҥнээх тирии төбөлөр хамсааһыннара политикаҕа туох да сыһыана суох этэ. 1970/80-с сылларга Англияҕа үөскээбитэ, панк-музыка биир салаатын (Oi!) умсугуйааччылар тэрийбиттэрэ. 1980-с сылларга 2-Tone ска-хамсааһыны уонна футбол ыалдьааччыларын кытта ыкса ситимнээх этэ. 1990-с сылларга кинилэргэ анаан туспа музыка айыллар буолбута, саайтар баар буолбуттара. Хард-истииллээх музыка умсугуйааччылара туспа баар буолаллар.

НС-скинхедтар (англ. Nazi skinheads эбэтэр англ. National Socialist skinheads) - бу билигин саамай биллэр скииннэр хамсааһыннара. Национал-социализм идеологиятын тутуһаллар, радикаал омугумсуктар уонна расиистар.

Онтон кинилэри утары АХШ-ка S.H.A.R.P. (англ. Skinheads Against Racial Prejudices) — «Раасаннан арахсыыны утарар скинхедтар» баар буолбуттара, ол гынан баран балар бэлиитикэҕэ киирбэтэхтэрэ.

Өссө биир салааннан R.A.S.H. (англ. Red & Anarchist Skinheads) — «Кыһыл» уонна анархо-скинхедтар хамсааһыннара буолар, балар коммунизм уонна анархизм идиэйэлэрин туттубуттара, бэлиитикэҕэ кыттыспыттара.