1988 сыл
(Мантан: 1988 көстө)
Сыллар |
---|
1984 1985 1986 1987 — 1988 — 1989 1990 1991 1992 |
Уоннуу сыллар |
1950-с 1960-с 1970-с — 1980-с — 1990-с 2000-с 2010-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1988 сыл.
Туох буолбута
уларытТохсунньу
уларыт- Тохсунньу 7 — «Геван» радиостанция бастакы биэриитэ тахсыбыт.
Олунньу
уларыт- Олунньу 20 — Нагорнай Карабаах автономиялаах уобалаһын (НКАО) дьокутааттарын сэбиэтэ уочарата суох сиэссийэҕэ мустан Азербайджанскай ССР уонна Армянскай ССР Үрдүкү Сэбиэттэрин иннигэр уобалаһы Азербайджаантан Арменияҕа биэрэри көрдөһөргө быһаарбыт (Карабаах араллаана саҕаламмыт).
Кулун тутар
уларыт- Кулун тутар 20 — Нагорнай Карабах обкуома уобалас Арменияҕа холбоһорун туһунан уураах ылыммыт.
Муус устар
уларыт- Муус устар 18 — АХШ сэриилэрэ Ираан байҕаллааҕы сэбилэниилээх күүстэрин утары эпэрээһийэни саҕалаабыттар: Иккис аан дойду сэриитин кэнниттэн саамай бөдөҥ байҕал кыргыһыыта буолбут.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 4 — PepsiCo хампаанньа сэбиэскэй Киин тэлэбиидэнньэҕэ реклама атыыласпыт бастакы арҕааҥы тэрилтэ буолбут.
- Ыам ыйын 11-16 күннэригэр Иркутскай уобаласка Саха АССР литэрэтиирэтин уонна ускуустыбатын күннэрэ ыытыллыбыттар.
- Ыам ыйын 15 — аҕыс сылтан ордук Афганистааҥҥа турбут Сэбиэскэй аармыйа сэриилэрэ дойдуттан тахсыылара саҕаламмыт. Барыта 115 000 байыаннай тахсыбыта.
- Ыам ыйын 29 — АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган ССРС-ка ыалдьыттыы кэлбит.
Бэс ыйа
уларыт- Бэс ыйын 1 — Орто уонна кыра ракеталар тустарынан сөбүлэҥ олоххо киирбит.
- Бэс ыйын 15 — Армения Үрдүкү Сэбиэтэ Карабааҕы Арменияҕа холбуур туһунан модьуйбут.
- Бэс ыйын 28 — Сэбиэскэй Сойуус бэлиитикэлии тутула уларыйарыгар улахан суолтаны ылбыт ССКП XIX кэмпириэнсийэтэ Москубаҕа аһыллыбыт. Манна М.С. Горбачев судаарыстыбаны салайыыны уларытар, бырамыысыланнастыы тэрилтэлэргэ ордук көҥүлү биэрэр, ССКП-ны дэмэкирээтийэҕэ чугаһатар былаанын кэпсээбит.
От ыйа
уларыт- От ыйын 3 — Стамбуулга Фатих Султаан Мехмет аатынан күргэни тутан бүтэрбиттэр, бу Босфору нөҥүөлээн Европаны уонна Азияны холбуур иккис күргэ буолбута.
- От ыйын 12 — Хайалаах Карабах уобаластааҕы сэбиэтэ уобалас Азербайджантан арахсарын туһунан биллэрбит.
- От ыйын 27 — АХШ кылаабынай бырааһа эмис буолууну дойду бүттүүнүн кыһалҕатынан биллэрбит.
- От ыйын 28 — ССРС-ка миитиннэри, демонстрациялары, хаамыылары ким баҕарар тэрийэрэ көҥүллэммит.
- От ыйын 29 — Канаада ЮАР-тан сылдьар спортсменнары уонна тренердары дойдуга киллэрбэт буолбут. Бу быһаарыы ЮАР дьону тириилэрин өҥүнэн араарарыттан сылтаан ылыныллыбыта.
Сэтинньи
уларыт- Сэтинньи 12 — Ырыаһыт Ольга Иванова-Сидоркевич Киин тэлэбиидэнньэ экрааныттан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус дьонун Амма өрүһүн быыһыырга көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыт.
- Сэтинньи 15 — ССРС элбэхтэ туттуллар космос хараабыла «Буран» бастакы уонна бүтэһик көтүүтэ буолбут. «Буран» пилота суох автоматическэй режимҥэ 205 мүнүүтэ иһигэр Байконур космодромуттан космоска көтөн тахсыбыт, Сири иккитэ эргийбит уонна Байконур таһынааҕы аэродромҥа ситиһиилээхтик түспүт.
- Сэтинньи 16 — Эстония Сэбиэскэй Социалистыы өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ сүбүрүнүтүөтү биллэрбит, ол эрээри ССРС-тан арахсарын туһунан эппэтэх (1990 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр ССРС-тан тахсыбыта).
- Сэтинньи 23 — Омуктар ыккардыларыгар иирсээн тахсыбытын түмүгэр Азербайджан икки оройуонугар ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит.
Ахсынньы
уларыт- Ахсынньы 7 — Арменияҕа 6,8-7,2 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. Сир хамсааһынын сүрүн түллүүтэ Спитак куоратыгар бэлиэтэммит. Түмүгэр 25 тыһыынча киһи өлбүт, 19 тыһыынча киһи инбэлиит буолбут, 514 тыһыынча киһи олорор дьиэтэ-уота суох хаалбыт, Армения промышленнай кыаҕын 40% суох буолбут.
- Ахсынньы 21 — Аан дойдуга саамай улахан сөмөлүөт Ан-225 «Мрия» бастакытын көппүт.
Төрөөбүттэр
уларыт- Олунньу 5 — Тимур Пестерев, тустуук, Арассыыйа чөмпүйэнээттэрин боруонса (2011) уонна үрүҥ көмүс (2013) призера, Арассыыйа спордун маастара.
- Олунньу 20 — Рианна — Барбадос ырыаһыта, Грэмми бириэмийэтин аҕыс төгүллээх хаһаайката.
- Кулун тутар 10 — Виктор Лебедев, тустуук, норуоттар ыккардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, 2009 с. көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, 2010 с. Москва к. буолбут Аан дойду көҥүл тустуу кыайыылааҕа.
- Кулун тутар 21 — Капрынов Альберт Гаврильевич, саха телевидениетын, араадьыйатын уонна хаһыатын суруналыыһа.
Өлбүттэр
уларыт- Трофимов Василий Григорьевич (1920—1988) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- Олунньу 22 — Марфа Куличкина — саха бэйиэтэ.
- Муус устар 20 — Иннокентий Васильев (Соччо) Ньурба оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирбит киһи, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, бэтэринээр.
- Бэс ыйын 10 — Бойлохов Николай Иванович (1929—1988), саха биллиилээх мелодиһа.
- Балаҕан ыйын 4 — Аммосов Терентий Васильевич (1912—1988), саха муосчута, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга.
- Алтынньы 27 — Аргунов Иван Александрович, (1922—1988), социолог учуонай, суруналыыс, история билимнэрин кандидата.