Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

1771

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1767 1768 1769 177017711772 1773 1774 1775
Уоннуу сыллар
1740-с 1750-с 1760-с1770-с1780-с 1790-с 1800-с
Үйэлэр
XVII үйэXVIII үйэXIX үйэ

1771 сыл.

  • Бу сыл Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэ төрүттэммитинэн ааҕыллар. Ити сылга Элгээн (билиҥҥитэ Элгээйи) чосуобунатыгар маҥнайгынан кэриэстэммит Иван Кривошапкин (Ноговицын) - Дьүүл Уйбааҥҥа "алтан" бэчээт (печать родовых управлений) бэриллибитэ, ити кэмтэн ыла Элгээн сэлиэнньэтэ дьыалаҕа Бордоҥ буолаһын быһыытынан киирбитэ, оттон Дьүүл Уйбаан кини кинээһинэн анаммыта.
  • Муус устар 27 — М. Беневскай баһылыктаах Камчатка сыылынайдара өрө турбуттар. Дьаһаах уонна ас ыскылааттарын, «Святой Петр» диэн галиоту былдьаабыттар. Табаардары баһылыктара Беневскэй араспыыскатынан атыылаһаллар эбит. Ол араспыыскаларга Морис Беневскэй бэйэтин «пресветлейшей республики Польской резидент и Ея Императорского Величества Римского камергер, военный советник и регементарь» диэн ааттанар эбит. Кэлин бу дьон икки далайынан устан Францияҕа тиийбиттэрэ. Тиһэҕэр Беневскай Франция икки хоруолугар сулууспалаабыта, Людовик XV сорудаҕынан Мадагаскаар арыыны сэриилээбитэ, олохтоохтор хоруолунан билиммиттэрэ.