1973 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1973 көстө)
Сыллар |
---|
1969 1970 1971 1972 — 1973 — 1974 1975 1976 1977 |
Уоннуу сыллар |
1940-с 1950-с 1960-с — 1970-с — 1980-с 1990-с 2000-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1973 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 22 — АХШ Үрдүкү Суута дойдуга аборту көҥүллээбит.
- Тохсунньу 27 — Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥнэрэ АХШ уонна Вьетнам сэриитин түмүктээбиттэр.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 24 — ССРС-ка «Очевидное — невероятное» биэрии аан бастаан эпииргэ тахсыбыт
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 27 — Марлон Брандо "Крестный отец" киинэҕэ оонньоон тиксибит Оскар бириэмийэтиттэн батыммыт. Кини аатыттан Сачин Кыра Куорсун (Sacheen Littlefeather) диэн индеец кыыһа тыл эппит. Ол саҕана Вундед-Ли диэн индеецтэр бөһүөлэктэригэр атаҕастабылы утарар сэбилэниилээх өрө туруу буолбутун былаастар күүһүнэн хам баттыы сатаабыттара, онтон сылтаан дойду үрдүнэн индеецтэри өйүүр хамсааһын саҕаламмыта. Марлон Брандо кыыска 15 сирэйдээх этии бэлэмнээн биэрбитэ, ол этиини кэлин пресс-кэмпириэнсийэҕэ аахпыттара, онно маннык тыллар бааллара: "Биһиги кинилэри өлөртүүр этибит. Биһиги кинилэри албыннаабыппыт. Биһигини кинилэри төрүт сирдэриттэн үүрбүппүт..."
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 9 — Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар Т-34 таанканы өйдөбүнньүк быһыытынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы буолбут.
- Ыам ыйын 27 — ССРС Ааптар быраабын харыстыыр туһунан Женеватааҕы конвенцияҕа кыттыспыт.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 10 — Багаама арыыларыгар тутулуга суох буолуу күнэ бастаан бэлиэтэммит.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 6 — Эгиипэт уонна Сирия Израильга саба түспүттэр, Арааб-Израиль төрдүс сэриитэ саҕаламмыт.
- Алтынньы 17 — ОПЕК холбоһугар киирэр араб дойдулара Израили сэриитигэр өйөөбүт дойдуларга ньиэп эмбарготын биллэрбиттэр. Бастатан туран АХШ-ка уонна кини Арҕаа Европатааҕы кыттыгастарыгар ньиэп атыыламмат буолбут. Ньиэп сыаната түөрт төгүл үрдээбит, онтон сылтаан экэнэмиэкэ кириисиһэ тоҕо тардыллыбыт. Бу ньиэп кириисиһин түмүгэр бензини кэмчилиир Дьоппуон массыыналара тарҕаммыттара, ССРС тас дойдуларга ньиэп атыылыыра кэҥээбитэ, энергетикаҕа саҥа технологиялар киириилэрэ түргэтээбитэ, холобура Франция сүрүннээн атомнай электростанцияларга көспүтэ.
- Алтынньы 20 — 14 сыл тутуллубут Сиднейдааҕы опера тыйаатырын Елизавета II ыраахтааҕы арыйбыт.
- Алтынньы 30 — Туурсуйаҕа Истанбул куоратыгар бастакы Босфор күргэтин тутуута түмүктэммит. Күргэ систэрин арыта 1074 миэтэрэ.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 15 — Америкатааҕы психиатрия ассоциацията 13–0 куолаһынан гомосексуализмы уйулҕа (психика) ыарыыларын официальнай тиһиликтэриттэн таһаарарга быһаарбыт.
- Ахсынньы 28 — Парижка аан бастаан Солженицын «Архипелаг ГУЛАГ» айымньыта бэчээттэнэн тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 1 — Шишигина Анна Николаевна — история билимин кандидата
- Кулун тутар 11 — Санникова Яна Михайловна — Саха сирин сайдыытын үөрэтэр чинчийээччи, история билимин кандидата.
- Муус устар 1 — Маклашова Елена Гавриловна — политика билимигэр кандидат.
- Ыам ыйын 26 — Елизавета Мигалкина, бэйиэт.
- От ыйын 17 — Алексеева Сардана Анатольевна — историческай билим кандидата.
- Атырдьах ыйын 25 — Николаева Альбина Михайловна — филология билимин кандидата.
- Балаҕан ыйын 7 — Аманатова Варвара Аркадьевна - ырыаһыт, СӨ үтүөлээх артыыһа
- Алтынньы 15 — Кирилл Стручков — эбэҥки тылыгар идэтийэр филология билимин хандьыдаата.
- Сэтинньи 30 — Нимрод Антал — АХШ киинэ режиссера
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 4 — Дуткин Петр Иванович (1973 өлб.) — Социалистическай Үлэ Геройа.
- Тохсунньу 31 — Рагнар Фриш, Норвегия экономиhа
- Кулун тутар 23 — Ньурбаҕа 50 сааһыгар авиаотряд суоппара Николай Кудряшов өлбүт, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа. 1943 сыллаахха Киеви босхолооһуҥҥа кини хамаандалыыр взвода биир кыргыһыыга 150, иккискэ 80 өстөөх саллаатын кыргыбытын иһин дьоруой аатын ылбыта. Сэрии кэнниттэн буруйу оҥорон, наҕараадалара барыта былдьанан, хаайыыга олоро сылдьыбыта. Ытык аата, наҕараадалара өлбүтүн кэнниттэн 2013 сыллаахха төннөрүллүбүттэрэ.
- Алтынньы 10 — Лудвиг фон Мизес, экономист
- Алтынньы 26 — Семён Будённай (1883 төр.) — Гражданскай сэрии дьоруойа, Сэбиэскэй Сойуус бастакы маршалларыттан биирдэстэрэ.
- Сокорутова Наталия Даниловна (1880—1973) — биллиилээх саха отоһута.