Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Алтынньы 26

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 300-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 301-c күнэ). Сыл бүтүө 65 күн баар.

  • Австрия Австрия — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. Бу күн 1955 сыллаахха омук сэриилэрэ дойдуттан тахсааттарын кытта дойду түмэнэ Нейтралитет туһунан сокуон ылыммыт.
  • Бенин Бенин — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  • Джамму уонна Кашмир Джамму уонна Кашмир (Ииндийэ) — Холбоһуу күнэ
  • Науру Науру — Ангам күнэ (Өрөгөй күнэ). Бу күн 1932 сыллаахха Науру төрүт олохтоохторун ахсаана 1500 буолбут (1919 сыллаахха салалта наассыйа өлбөтүн-сүппэтин туһугар науру омуга бачча буолуохтааххыт диэн сорук туруорбут эбит). Билигин бу омук ахсаана 9 тыһыынчаттан тахса.
  • Интерсекс дьон (ол аата генетика эбэтэр биология атын төрүөтүнэн толору эр киһи эбэтэр дьахтар буолбатах, ыккардынан дьон) кыһалҕаларын санатар күн. Аан бастаан бу кыһалҕаҕа педиатр быраастар болҕомто уурбуттара.
  • 1185 — Асен уонна Петр баһылыктаах болгаардар уонна валаахтар Византияны утары өрө туруулара саҕаламмыт (болг. Въстание на Асен и Петър). Византия ыраахтааҕыта Исаак II Ангелус түһээни улаатыннарбытын сөбүлээбэккэ Балкаан хайаларыгар олорор дьон өрө турбуттар. Хас да сыл хам баттыы сатаабыттара эрээри, түмүгэр Болгария туспа дойду — Иккис Булгаар импиэрийэтэ — буолбута.
  • 1341 — Иоанн VI Кантакузены Византия импэрээтэринэн биллэрбиттэрин кэннэ Византияҕа 1341–1347 сс. гражданскай сэрии саҕаламмыт. Бу сэттэ сыл кэриҥэ барбыт сэрииттэн сылтаан импиэрийэ мөлтөөбүтүнэн туһанан, сербтэр Албанияны уонна Македонияны сэриилээн ылбыттара, туспа импиэрийэ тэриммиттэрэ, болгаардар Хотугу Фракияттан сирдэри былдьаан бэйэлэригэр холбообуттара.
  • 1581Ермак сэриитэ Кучум хаан сэриитин үлтүрүппүт уонна Сибиир ханлыгын киин куоратын Искэри сэриилээн ылбыт.
  • 1597Кэриэйэ уонна Дьоппуон ыккардыларынааҕы Имджин сэриитин кэмигэр аатырбыт Мёнъян кыргыһыыта буолбут. 13 эрэ ааллаах кэриэй адмирала Ли Сунсин 300 ааллаах дьоппуон флотун кыайбыт. Бу иннинээҕи кыргыһыыга кэриэй флота барыта кэриэтэ урусхалламмыт, аҕыйах аал ордубут. Ол эрээри кинилэри утары синньигэс Мёнъян силбэһиитигэр киирбит дьоппуон ааллара байҕал таһыма түһүүтүгэр-тахсыытыгар түбэһэн үгүстэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытары харсыспыттар уонна суорба таастарга анньыллыбыттар. Хамсыыр кыаҕа суох үмүөрүспүт ааллары кэриэйдэр тэргэнинэн ытыалаан тимирдибиттэр.
  • 1790 — Дьокуускай куорат дьаралыга бигэргэммит. Ол саҕана быһаарыыта маннык эбит: «Үрүҥ көмүс хонууга кииһи туппут хотой».
  • 1860Италия холбоһуутун кэмигэр Джузеппе Гарибальди «Тыһыынчатын» эспэдииссийэтэ түмүктэммит. Сицилия хоруоллугун урусхалаабыт Гарибальди Сардиния хоруолун Виктор Эммануилы көрсүбүт уонна сэриилээн ылбыт сирин-дойдутун киниэхэ анаан билиһиннэрбит. Эһиилигэр Виктор Эммануил Италия хоруола диэн титул ылбыт.
  • 1886Амма улууһун Абаҕатыгар оскуола аһыллыбыт. Билигин Абаҕа оскуолата аныгылыы дуальнай үөрэҕи биэрэр агрооскуола быһыытынан биллэр.
  • 1978Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ, WHO) уоспа вируһа айылҕаҕа симэлийбитин туһунан биллэрбит. Бу вакцинация биир улахан кыайыыта буолар.
  • 1985Австралия бырабыыталыстыбата аатырбыт Улуру хайаны аборигеннарга төннөрбүт. Австралия ортотугар истиэп курдук нэлэмэн сиргэ турар 348 м үрдүктээх Улуру таас хайа олохтоох омуктар үҥэр ытык сирдэрэ буолар.
  • 1992 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун «СӨ Судаарыстыбаннай былааҕын стаатута» диэн 1203-ХII нүөмэрдээх уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах 2004 сыллаахха от ыйын 15 тохтотуллубут.
  • 2002 — Москубаҕа террористар былдьаан олорор Дубровкатааҕы тыйаатыр кииннэрин штурмата буолбут. Штурм кэмигэр «Норд-Ост» мюзиклы көрө кэлбит дьонтон 128-һа өлбүт.
  • 2007 — СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров уонна Росатом баһылыга Сергей Кириенко Саха сиригэр устар аатамнай теплоэлектростанциялары (ПАТЭС) тутар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 1973Семён Будённай (1883 төр.) — Гражданскай сэрии дьоруойа, Сэбиэскэй Сойуус бастакы маршалларыттан биирдэстэрэ.
  • 1979 — Пак Чон Хи — 1962-1979 сылларга Соҕуруу Кэриэйэ бэрэсидьиэнэ. Кини диктатордыы салайыытынан Соҕуруу Кэриэйэ балысхан сайдыыны ситиспитэ, быстар дьадаҥы олохтон төлө көппүтэ. Пак Чон Хи кэмигэр олоххо киирбит бырайыактар: суоллары тутуу, POSCO диэн баараҕай тимир уһаарар собуот, биэс сыллаах былааннар, «Саҥа дэриэбинэ» бырайыак.