Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Олунньу 18

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 49-с күнэ. Сыл бүтүө 316 күн (ордук хонуктаах сылга 317 күн) баар.

  • Гамбия Гамбия — Тутулуга суох буолуу (Британияттан, 1965)
  • Ираак Ираак (Курдистаан) — Курд устудьуоннар сомоҕолоһууларын күнэ
  • Исландия Исландия — Дьахтар күнэ (Конудагур). Исландия былыргы халандаарынан Гоа ый бастакы күнүгэр бэлиэтэнэр, онон сылын ахсын көһө сылдьар
  • Непал Непал — Дойдуга демократия күнэ (1951 сыллаахха ыраахтааҕы былааһын суулларбыттар)
  • Япония Япония — Амами арыыларын түөлбэ тылын күнэ. Рюкю тыллара диэн ааттанар түөрт тыл баар, Амами арыыларын тыла олортон ордук хотугу сытааччылара. Урут дьоппуон тылыттан улахан уратылаахтара, атын дьоппуоннары өйдөөбөттөрө, билигин саҥарар киһи аҕыйаан, тыла-өһө дьоппуон тылыгар чугаһаан "хортуоска тыла" диэн (ол аата тыалар тыллара) сэнэбиллээхтик ааттанар, судаарыстыба атын тыл диэбэт, дьоппуон тылын түөлбэ тылынан билинэр.
  • 1229Алтыс кириэстээх бохуот: Фридрих II, Ытык Рим импиэрийэтин ыраахтааҕыта, аль-Камиль диэн араабтар баһылыктарын кытта уон сыллаах эйэлэһиини түһэрсэн, Иерусалим, Назарет уонна Вифлеем куораттары кыргыһыыта суох ылар.
  • 1268Эстония княжествотын, Ливон уордьанын манаахтарын, Дерпт манаахтарын уонна олохтоохтор ополчениеларын холбоһуктаах сэриитэ биир өттүттэн, Новгород кинээһин Дмитрий Переславскай (Александр Невскэй уола) уонна Псков кинээһин Даумантас (нууччаларга Довмонт диэн аатынан биллэр) холбоһуктаах сэриилэрэ иккис өттүттэн Везенберг аттыгар кыргыспыттар. Хайалара кыайбыта чопчу биллибэт. Ол эрээри саба түһээччилэр дойдуларыгар төннүбүттэриттэн уонна бу кыргыһыы кэнниттэн сотору кэминэн ливон рыцардара Изборскайга уонна Псковка хоруйдуур бохуотунан барбыттарыттан сылыктаатахха Эстония княжествотын өттүнээҕилэр кыайбыттар.
  • 1814 — Монтро аттынааҕы кыргыһыыга Наполеон кронпринц Вюртемберг хамаандалыыр Пруссия сэриитин урусхаллаабыт. Пруссактар үс төгүл аҕыйахтар этэ.
  • 1885 — АХШ-ка Марк Твен «Гекльберри Финн мүччүргэннээх сырыылара» диэн кинигэтэ тахсыбыт.
  • 1904 — «Романовка» саҕаланыыта — 42 политическэй сыылынай Дьокуускайга икки этээстээх мас дьиэҕэ хатанан баран былааска көскө ыытыллыбыт дьон усулуобуйаларын тупсарыыны ирдиир ультиматум түһэрбиттэр. Кулун тутар ый саҕаланыытыгар бырачыастааччылар 57 буолбуттар (ол иһигэр сэттэ дьахтар). 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт. Кулун тутар 7 күнүгэр бэриммиттэр. Бу түбэлтэ аан дойдуга иһиллибитэ.
  • 1924 — Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) уурааҕынан Саха суругун-бичигин сүбэтэ үөскээбит. Сүбэ билимҥэ олоҕуран сахалыы транскрипцияны оҥоруунан дьарыктаммыт. Бэрэстээтэл — Исидор Барахов, сэкирэтээр — Алексей Бояров. Биир сылынан бу сүбэ ууратыллыбыт, кини аналлаах үлэтэ "Саха кэскилэ" уопсастыба тыл үөрэҕин сиэксийэтигэр көспүт.
  • 1930Америка астронома Клайд Томбо Плутону булбут.
  • 1931Саха АССР Совнаркома тыа хаһаайыстыбаны механизациялыыр туһунан уураах ылбыт.
  • 1932Дьоппуон импиэрийэтэ хотугулуу-илин Кытайга Маньчжоу-го диэн судаарыстыба тэрийбит. Дойду баһылыгынан Кытай бүтэһик импэрээтэрин, маньчжур династиятын киһитин Пу Ини олордубуттар.
  • 1946Бомбей хомотугар Хоруол Ииндийэтээҕи флотун моряктара өрө турбуттар. Сотору кэминэн өрө туруу Британия Ииндийэтин атын сирдэринэн тарҕаммыта.
  • 1965Гамбия Британияттан тутулуга суох буолбут.
  • 1980Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтэ эбээн орфографиятын тупсарыллыбыт быраабылатын бигэргэппит (бу иннинээҕи эбээн алпабыыта 1979 сыллаахха ылыныллыбыт эбит).
  • 2010WikiLeaks Челси Мэннинг диэн аатынан биллэр киһиттэн ылбыт сүүһүнэн тыһыынча кистэлэҥ докумуоннарыттан бастакытын бэчээккэ таһаарбыт.
  • 2014Киевкэ майдаан кэмигэр турук эмискэ сытыырхайбыт, утарыта турсуу түмүгэр 80-ча киһи үс хонук иһигэр өлбүтэ.
  • 2021 — Perseverance марсоход Марска Джезеро кратерга этэҥҥэ түспүт.
  • 1294Хубилай — Моҕуол импиэрийэтин Улуу хаана, Чыҥыс Хаан сиэнэ (Бөртөттөн кыра уолун Толуй уола). Бу хаан саҕана Моҕуол импиэрийэтэ муҥутуур улаата сылдьыбыта.
  • 1405Тамерлан (Тимур) — Орто Азия сэрииһитэ, Орто Азия, Соҕуруу Азия, Арҕаа Азия дьылҕаларыгар улахан оруолу оонньообут, ил олохтообут киһи.
  • 1546Мартин Лютерниэмэс христианство манааҕа уонна теолога (итэҕэли үөрэтээччи). Кинини Протестааннар Реформацияларын саҕалаабыт киһинэн ааҕаллар. Ол түмүгэр протестант сыаркаптара Рим Католик сыаркаптарыттан арахсыбыттара. Кини протестааннар бастакы сыаркаптарын - Лютеран таҥара дьиэтин олохтообута.
  • 1564 — Микеландьело — Италия уруhуйдьута, скульптора, архитектора, бэйиэтэ уонна инженерэ.
  • 1937Серго Орджоникидзе ытынан өлбүт (1886 төр.). Сэбиэскэй судаарыстыба салайааччыларыттан биирдэстэрэ, өрөбөлүүссүйэ иннинэ Покровскайга көскө олорон биэлсэрдээбитэ.