1946 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1946 көстө)
Сыллар |
---|
1942 1943 1944 1945 — 1946 — 1947 1948 1949 1950 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1946 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 10 — ХНТ Генеральнай Ассамблейатын бастакы мунньаҕа Лондон куоракка буолбут, онно 51 судаарыстыба кыттыбыт.
- Тохсунньу 17 — ХНТ Куттал суох буолуутун сүбэтин бастакы мунньаҕа буолбут.
- Тохсунньу 24 — Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу — Гражданскай авиация Саха Сиринээҕи дьаһалтата тэриллибит.
- Олунньу 1
- Олунньу 2 — Соҕуруу Сахалин уонна Курил арыылара ССРС састаабыгар киирэллэрин туһунан ыйаахха илии баттаммыт.
- Олунньу 14 — Америкаҕа Пенсильвания университетыгар бастакы электроннай көмпүүтэр ENIAC (Electronic Numerical Integrator and Computer) көрдөрүллүбүт.
- Олунньу 18 — Бомбей хомотугар Хоруол Ииндийэтээҕи флотун моряктара өрө турбуттар. Сотору кэминэн өрө туруу Британия Ииндийэтин атын сирдэринэн тарҕаммыта.
- Олунньу 22 — Сэрии кэмигэр хоту көһөрүллүбүт Чурапчы олохтоохторун дойдуларыгар төнүннэрэргэ диэн быһаарыы ылыллыбыт.
- Олунньу 22 — Саха АССР Совнаркома сэрии кэмигэр хоту көһөрүллүбүт Чурапчы олохтоохторун Эдьигээнтэн дойдуларыгар төнүннэрэргэ диэн уураах ылыммыт.
- Олунньу 22 — Америка микробиолога Зельман Ваксман стрептомицин диэн антибиотигы арыйбыт. Бу пенициллин кэнниттэн арыллыбыт иккис антибиотик сэллиги (туберкулёз) уонна чуманы эмтииргэ туһалаах буолбут. Зельман Ваксман стрептомицини арыйбытын иһин 1952 сыллааҕы физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтин ылбыта.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 5 — Черчиль Фултоннааҕы этиитэ. «Уота суох сэрии» диэн ааттаммыт утарыта туруу саҕаланар.
- Кулун тутар 18 — ССРС-ка сэрии кэнниттэн бастакы биэс сыллаах былаан ылыныллыбыт.
- Кулун тутар 18 — Аан дойду Баана аһыллыбыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 5 — киирбиттэрэ биир сыл буолан баран сэбиэскэй аармыйа чаастара Дания Борнхольм арыытыттан тахсан биэрбиттэр.
- Муус устар 7 — РСФСР иһинэн Кёнигсберг уобалаһа тэриллибит, билигин Арассыыйа Федерациятын Калининград уобалаһа.
- Муус устар 7 — ВОЗ устаабын 26 дойду ратификациялаабыт.
- Муус устар 18
- Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрэ олохтоммутунан Наассыйалар лиигэлэрэ үлэтин тохтоппут.
- Гаагатааҕы аан дойду суута бастакы мунньаҕа буолбут.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 4 — ВКП(б) киин кэмитиэтин политбюрота тас дойдулар айымньыларын таһаарар кинигэ кыһатын уонна тас дойду айымньыларын бибилэтиэкэлэрин төрүттүүргэ уураах таһаарбыт.
- Ыам ыйын 25 — Иордания Англияттан тутулуга суох буолуутун туһунан биллэрбит.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 15 — ССКП Киин кэмитиэтин пленумугар Андрей Жданов «Арҕаа дойдуларга сүгүрүйүүнү» утары охсуһууну саҕалаабыт.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 2 — АХШ-га «Ыраах томтор» диэн бастакы «мыыла операта» жанрдаах сериал премьерата буолбут.
- Алтынньы 22 — Германияҕа Сэбиэскэй Сойуус оккупациялыыр зонатыгар «Осоавиахим» диэн операция ыытыллыбыт. Хас эмэ тыһыынча техничэскэй специалист ССРС-ка үлэҕэ ыытыллыбыттар. Ити саҕана АХШ уонна Улуу Британия эмиэ ньиэмэс специалистарын бэйэлэригэр көһөрөн ылаллар этэ.
- Алтынньы 24 — АХШ-ка Фау-2 ракета 105 км үрдүккэ күөрэйэн тахсыытыгар ракетаҕа олордуллубут фотокамера бастакынан Сири космостан хаартыскаҕа түһэрбит.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 3 — Дьоппуон императора Сёва (Хирохито) саҥа көнүстүүссүйэҕэ илии батаабыт. Дойду иһигэр толору былаас импэрээтэртэн норуокка көспүт, оттон импэрээтэр "ил уонна норуот биир ньыгылын им бэлиэтэ" эрэ буолан хаалбыт. Ону кытары көнүстүүссүйэҕэ Дьоппуон сэбилэниилээх күүстэри тэриниэ уонна сэрии ыытыа суохтааҕа этиллибит.
- Сэтинньи 4 — Париж куоракка ЮНЕСКО төрүттэммит — Холбоһуктаах наассыйалар үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ.
- Сэтинньи 19 — Афганистаан, Исландия уонна Швеция Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр киирбиттэр.
- Сэтинньи 28 — Ньурбаҕа нефтебазаны тэрийэргэ диэн быһаарыы ылыллыбыт.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 11 — ХНТ Оҕо пуондата эбэтэр ЮНИСЕФ — ыксаллаах быһыыга оҕо-аймаҕы көмүскүүр ХНТ анал тэрилтэтэ баар буолбут.
- Ахсынньы 19 — Франция урукку колониятын Индокитайы бэйэтин былааһыгар төннөрөр сыаллаах сэрии саҕалаабыт. Аҕыс сыллаах босхолонуу сэриитин Хо Ши Мин баһылыктаах Вьетнам хомуньуустара уонна националистара ("Вьетминь" хамсааһын) кыайбыттара.
- Ахсынньы 25 — ССРС-ка И. В. Курчатов салалтатынан Европаҕа бастакы ядернай реактор үлэтин саҕалаабыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 2 — Готовцев Михаил Николаевич (төр. 1946) — Российскай Федерация Үлэтин Геройа (2014), Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
- Тохсунньу 5 — Надежда Николаева — учуонай, музыковед, хандьыдаакка диссертацията олоҥхоҕо уонна саха оператын олоҕуруутугар анаммыта.
- Олунньу 7 — Баһылай Босяк — бэйиэт, 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала.
- Олунньу 13 — Гавриил Адамов (Сайдам), учуутал, суруйааччы, түмэт дьайыксыт, СӨ үөрэҕин туйгуна[1].
- Кулун тутар 1 — Таас Үрэх бөһүөлэгэр (билигин Мииринэй оройуона) Виталий Басыгысов — 2008 с. Ил Түмэн бэрэстээтэлэ.
- Кулун тутар 8 — Кашин Виталий Александрович (1946—2010) — история билимнэрин кандидата.
- Кулун тутар 12 — Баишев Геннадий Семенович, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ үтүөлээх артыыһа.
- Муус устар 12 — Посельская Наталья Семёновна (1946—2011), балерина, педагог, хореограф, педагогика билимнэрин кандидата.
- Муус устар 19 — Дуйгу Асена (туур. Duygu Asena, 1946 сыл, муус устар 19 күнэ, Стамбул — 2006 сыл от ыйын 30 күнэ, Стамбул) — туурак суруналыыһа, суруйааччыта, дьахтар быраабын көмүскээччи түмэт диэйэтэл.
- Ыам ыйын 13 — Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгэр уустук дьылҕалаах бэйиэт Варвара Потапова төрөөбүтэ (1979 өлб.)
- От ыйын 7 — Алексеев Анатолий Николаевич, СГУ ректора, история билимнэрин доктора, профессор.
- От ыйын 12 — Михайлов Виктор Данилович, философия билимнэрин доктора, профессор.
- Балаҕан ыйын 8 — Илларионов Василий Васильевич, олоҥхону үөрэтээччи, фольклорист, тыл үөрэҕин доктора, профессор.
- Алтынньы 6 — Наумов Дмитрий Федосеевич, суруйааччы, Ил Түмэн депутата, уруккута Амма улууһун баһылыга.
- Алтынньы 25 — Бородин Павел Павлович, Дьокуускай куорат бастакы мэра.
- Ахсынньы 18 — Стивен Спилберг — Америка киинэ режиссера уонна продюсера, үс төгүллээх «Оскар» бириэмийэ лауреата.
- Ахсынньы 28 — Скрябин Михаил Архипович (1946—2011), театр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 21 — Дьон Мейнард Кейнс, Британия экономиhа.
- Алтынньы 21 — Ефим Курашов — Саха сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл хамандыыр.
- Сэтинньи 11 — Николай Бурденко (1876 төр.), хирург, сэбиэскэй нейрохирургияны төрүттээччи, ССРС Мэдиссиинэ билимнэрин акадьыамыйатын бастакы бэрэсидьиэнэ (1944—1946).
- ↑ Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам // Чурапчы – уран тыл биһигэ : антология / хомуйан оҥордо М. Н. Кузьмина. – Чурапчы, 2019 (Дьокуускай). – С. 35-38.