Сэтинньи 28
Тас көрүҥэ
Сэтинньи 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 332-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 333-c күнэ). Сыл бүтүө 33 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Албания — Тутулуга суох буолуу күнэ[1] (1912); сороҕор Былаах күнэ дииллэр[1]. 1912 сыллаахха Туурсуйаттан тутулуга суох буолууну бэлиэтииллэр. 1443 сыллаахха Скандербег бастакы былааҕы көтөхпүт. 1998 сыллаахха саҥа конституция ылыныллыбыт
- Бурунди — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Илин Тимор — Тутулуга суох буолуу күнэ (1975)
- Ираан — Байыаннай байҕал флотун күнэ
- Мауритания — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан, 1960)[2].
- Панаама — Тутулуга суох буолуу күнэ (Испанияттан, 1821)[3]
- Румыния — Буковина күнэ. 1918 сыллаахха бу күн Буковина олохтоохторун сийиэһэ Румынияҕа холбоһор туһунан быһаарбыт
- Удмуртия — Аан дойдуга Удмурт тылын күнэ. 2018 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
- Улуу Британия, Бедфодшир графство — Бедфордшир күнэ. Джон Буньян төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Чад — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Япония — Хоонко. Буддизм Япониятааҕы салаата Дзёдо Синсю (шин буддизм) бу күн бэйэтин олохтооччутун Синран Шонины ахтар
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1365 — Москуба Кириэмилин иһигэр Чудов манастыыр төрүттэммит, Москуба саамай кырдьаҕас манастыыра.
- 1627 — Речь Посполита флота Олива аттыгар саамай бөдөҥ уонна тиһэх кыайыытын ситиспит. Швеция флагман хараабылын былдьаабыт, өссө биир хараабылы тимирдибит.
- 1893 — Саҥа Зеландияҕа аан дойдуга бастакыннан дьахталлар бүтүн дойдутааҕы быыбарга кыттыбыттар.
- 1908 — Арассыыйаҕа Амур өрүһүнээҕи флотилия тэриллибит.
- 1917 — Эстония провинциятын мунньаҕа Эстония сувереннай дойду буоларын биллэрбит.
- 1925 — Турцияҕа "Бэргэһэ сокуона" олоххо киирбит, уруккулуу тюрбан уонна феска кэтиитэ бобуллубут, бары арҕааҥҥылыы сэлээппэ кэтиэхтээх буолбуттар. Ататүрк реформаларыттан "бэргэһэ сокуона" саамай улахан утарсыыны көрсүбүт. Дойдуну биир гына тюрбаннары уонна фескалары бобуу утары бырачыастар ааспыттар. Ону хам баттаары оннооҕор биир куораты крейсертэн ытыалаабыттар. Сокуон 2014 сыллаахха биирдэ көтүрүллүбүтэ.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүгэ биллибитин кэннэ Тегераннааҕы конференция саҕаламмыт. ССРС басхана Иосиф Сталин, АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт уонна Улуу Британия премьер-миниистирэ Уинстон Черчилль Ираан киин куоратыгар Тегераҥҥа бастакытын көрсүбүттэр уонна сэрии стратегиятын туһунан сүбэлэспиттэр.
- 1946 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ "Ньурбаҕа нефтебаза тэрийэр туһунан" уураах ылыммыт.
- 1958 — Чад, Конго уонна Габон Франция импиэрийэтин иһинэн автономнай өрөспүүбүлүкэ буолбуттар.
- 1990 — Британия премьер-миниистирэ Маргарет Тэтчер Консерватордар партияларын салайан бүппүт, онон премьер дуоһунаһыттан уурайбыт. Икки дуоһунаһыгар иккиэннэригэр кинини Джон Мейджор солбуйбут.
- 1991 — Соҕуруу Осетия Грузияттан тутулуга суох буолбутун туһунан биллэрбит.
- 2001 — Дьокуускайга быыбар айдаана. Бэрэсидьиэҥҥэ турбут хандьыдааттарга үлэлиир Москубаттан сылдьар пиарщиктары борукуратуура доппуруостуур.
- 2006 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Вячеслав Штырову салгыы иккис болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн аныырга Ил Түмэҥҥэ этии киллэрбит.
- 2017 — Дьокуускайга ГРЭС-2 бастакы уочарата үлэҕэ киирбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1820 — Фридрих Энгельс — ньиэмэс бөлүһүөгэ, коммунизм идеологиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1914 — Марк Слепцов (16.06.1989 өлб.) — Саха АССР норуодунай артыыһа (1955), РСФСР норуодунай артыыһа (1972).
- 1915 — Анна Егорова — саха биллиилээх ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера, Саха АССР норуодунай артыыһа (1957), РСФСР норуодунай артыыһа (1958), Таатта улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1951 — Андрей Борисов — ил уонна култуура диэйэтэлэ, режиссер. 1990-2014 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна айылгы сайдыытын миниистирэ, 1990-2010 сылларга П. A. Ойуунскай аатынан Академическай Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччитэ, 1988-1991 сылларга ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата. Российскай Федерация норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2011).
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1694 — Матсуо Басө — Дьоппуон Эдо периодын бастыҥ биллиилээх бэйиэтэ, кылгас уонна ырылхай хайку ууhа.
- 1954 — Энрико Ферми — бастакы атомнай реакторга үлэлээбит уонна квантовай физикаҕа улахан сайдыыны оҥорбут Италия физигэ. Нобель бириэмийэтин лауреата.
|
- ↑ 1,0 1,1 Албания // Энциклопедия Кольера. — Открытое общество. — 2000.
- ↑ Поспелов Е. М. Мавритания // Географические названия мира : Топонимический словарь : Ок. 5000 единиц / Отв. ред. P. A. Агеева. — 2-е изд., стереотип. — М.: Русские словари, Астрель, АСТ, 2002. — ISBN 5-93259-014-9, 5-271-00446-5, 5-17-001389-2
- ↑ День независимости Панамы — 28 ноября. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010