Балаҕан ыйын 7
Тас көрүҥэ
Балаҕан ыйын 7 диэн Григорий халандаарыгар сыл 250-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 251-c күнэ). Сыл бүтүө 115 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Байыаннай оонньууру суох гынар күн. Аан дойдуга 1988 сыллаахтан Тулаайах уонна төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго көмөлөһөр ассоциация көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр.
- Дюшенн миодистрофиятын туһунан кэпсээһин күнэ. Бу генетика ыарыытынан уолаттар эрэ ыалдьаллар, икки-үс саастарыгар биллэн барар, охто сылдьар буолаллар, сыыйа тайахтаар хаамар, онтон хаампат буолаллар. Сөпкө эмтэннэҕинэ өр олоруохтарын сөп.
- Австралия — Сүтэн эрэр кыыл-сүөл көрүҥнэрин күннэрэ
- Бразилия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Португалияттан, 1822)
- Мозамбик — Кыайыы күнэ
- Украина — Байыаннай разведка күнэ
- Фиджи — Конституция күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1191 — Ричард I баһылыктаах крестоносецтар Саладин сэриитин Арсуф аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар.
- 1654 — Бразилияттан үүрүллүбүт дьэбириэйдэр Саҥа Амстердаамҥа (билигин Нью-Йорк) олохсуйан барбыттар.
- 1763 — Англия хоруола Георг III Канааданы иччилииргэ ыҥырыы таһаарбыт.
- 1776 — Подводнай лодка бастакы атааката: американецтар «Чараппаахы» диэн ааттаах подлодкалара Нью-Йорк аттыгар дьаакырга турар Британия «Хотой» диэн флагман хараабылыгар чаһыылаах миинэ туруора сатаабыт.
- 1792 — запорожецтар Тамань тумул арыыга аалларынан устан олохсуйа кэлбиттэр. Икки сыл иһигэр Захарий Чепега атамааннаах 25 тыһыынча хаһаак олохсуйбут, 40 станица олохтообут, киин сэлиэнньэлэрин Екатеринодар диэн ааттаабыттар.
- 1812 — Бородино кыргыһыытыгар Москубаҕа кимэн киирэн иһэр Франция аармыйата уонна Арассыыйа аармыйата күөн көрсүспүттэр. Манна икки өттүттэн 250 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт, онтон 50 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүт. Кыргыһыы чопчу түмүгэ суох буолбут. Бу аан дойду устуоруйатыгар биир күннээх кыргыһыылартан саамай улаханнара.
- 1822 — Бразилия Португалияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1851 — Саха уобалаһыгар аан бастакы губернатор, действительнай статскай советник, кавалер Константин Григорьев анаммыт. «Об управлении Якутской областью» Саха уобалаһын Иркутскай уобалаһыттан араарар балаһыанньа бу сыл от ыйын 11 күнүгэр бигэргэтиллибит эбит. Онон Саха сирэ губерния бырааптаах туспа уобалас быһыытынан тохсунньу 1, 1852 (ахсынньы 20 1851) сыллаахха буолбут.
- 1902 — Дьокуускайга реальнай училищеҕа бастакы революционнай куруһуок үөскээбитинэн ааҕыллар. Куруһуогу Н. Родионов диэн Өлүөхүмэттэн сылдьар 6-с кылаас үөрэнээччитэ тэрийбит. Салайааччынан Игорь Будилович диэн көскө ыытыллыбыт Москубатааҕы университет устудьуона буолбут.
- 1923 — Дойдулар ардыларынааҕы холуобунай полиция организацията — Интерпол — тэриллибит.
- 1928 — Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы улуус хаһыата "Алданский рабочий" хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бастаан кини Алдан уокуругун хаһыата этэ (улуус таһымыттан арыый үрдүк). Бастакы нүөмэрэ Томмокко тахсыбыта, сэтинньигэ эрэдээксийэ уокурук салалтатын батыһан Незаметнай бириискэҕэ көспүтэ, 1930 сыллаахха оройуон хаһыатын статуһун ылбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ улуус таһымыгар иккис хаһыатынан 1931 сыллаахха Бүлүүгэ тахсыбыт "Колхоз суола" буолар[1].
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1533 — Харалыаба Элизабет I — Англия, Ирландия Харалыабата. Кини кэмэ культураҕа, атыыга уонна атын дойдуну арыйыыга олус ситиһиилээх этэ. Тюдор династиятыттан бүтэһик.
- 1908 — Семен Сюльскай — Саха АССР Үөрэҕирии наркома (1937-41 сылларга) уонна миниистирэ (1946-?).
- 1912 — Николай Слепцов (Туобулаахап) — суруйааччы, драматург, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1922 — Семен Жирков — РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ салайааччыта, тэрийээччитэ. Өр сылларга колхоз бэрэссэдээтэлинэн, ол кэннэ Таатта улууһун Петр Алексеев аатынан совхоз салайааччытынан, Агрофирма Сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Таатта, Кэбээйи улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо.
- 1925 — Анисим Прокопьев — ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара, муосчут. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1933 — Иннокентий Говоров — Чурапчы көhүүтүн кыттыылааҕа, Арассыыйа тыатын хаhаайыстыбатын туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Бочуоттаах гражданина, "Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иhин" II истиэпэннээх уордьан мэтээлин кавалера, үлэ, тыыл ветерана.
- 1950 — Эльвира Федосова — СӨ култууратын үөтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.
- 1973 — Варвара Аманатова — ырыаһыт, СӨ үтүөлээх артыыһа.
- 1979 — Гаврил Колесов — дуобатчыт, 64 харахтаах дуобакка норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах гроссмейстер, аан дойду сэттэ төгүллээх чемпиона — Самарканд 1996 (нууч.), Минскай 1997 (нууч.), Одесса 2000 (нууч.), Сан-Паулу 2002 (браз.), Мирнэй 2004 (нууч.), Дьокуускай 2006 (нууч.), Лилль 2012 (браз.). Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1993 — Софрон Данилов (1922 төр.) — Саха норуодунай суруйааччыта, биллиилээх общественнай диэйэтэл, РФ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 2018 — Александр Силин — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо.
|
- ↑ Свитич Л.Г., Сидоров О.Г., Смирнова О.В. Улусные (районные) газеты Республики Саха (Якутия): социологическое исследование. — Новосибирск: Наука, 2017. — С. 9. — 140 с. — 350 экз. — ISBN 978-5-02-038726-3