Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Дели

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дели
From top left: Bahá'í Lotus Temple, India Gate, Rashtrapati Bhavan, and Humayun's Tomb
Кэм зоната: IST (UTC+5:30)
Дойду  Индия
Territory Delhi
District(s)
Шеф миниистир Шейла Дикшит
Лт. губернатор
Баhылык Арти Меhра
Legislature (seats) Unicameral (70)
Олорооччулара
Density
Метро
11,954,217 (2nd) (Халыып:As of)
• 11 463 km2 (Халыып:Rnd/c8dec0 /sq mi)
• 17,0 million (Халыып:As of)
Тыл(лар)а Хинди, Пендьаби, Урду
Иэнэ
Elevation (AMSL)
1484 km² (573 sq mi)
• 239 m (784 ft)
Website: delhigovt.nic.in

Координаталара: 28°37′ с. ш. 77°14′ в. д. / 28.61° с. ш. 77.23° в. д. / 28.61; 77.23 (G) (O)

Дели (Хинди: दहली, Урду: دہلی dehlī) диэн Индия иккис улахан куората. Олохтоохторун ахсаана 11 млн. Федерал бэриниилээх уния сирэ суолталаах, Ил Киин Куорат Региона.

Индия хотутугар, Пендьаб региоҥҥа, Ямуна өрүс кытылларыгар турар. Археология чинчийиилэринэн, Делига дьон б.э.и. 6 ү. олохсуйбуттар. Дели Султаната туругуруутун кэнниттэн, Дели политика, култуура уонна эргиэн сүрүн киинэ буолбута. Элбэх былыргы уонна Орто үйэлэрдээҕи монуменнар бааллар. 1649-1857 сс. Могол Империятын киинэ этэ.

Британия Илин Индия Компанията Индия улахан өттүн баhылаабытын кэннэ, киин куорат Калькуттаҕа көспүтэ. Холбоhуктаах Хоруоллук хоруола Дьордь V 1911 с. Делига киин куорат статуhун төннөрбүтэ. Саҥа киин куорат, Саҥа Дели, 1920-с сс. Эргэ Куорат соҕуруутугар тутуллубута. Индия Британияттан 1947 с. тутулуга суох буолбутун кэннэ киин куоратынан уонна дьаhалта олорор сиринэн Саҥа Дели анаммыта.

Делига дойду бары муннуктарыттан улахан миграция баар. Онон куорат олохтоохторун ахсаана түргэнник элбиир. Элбэх араас омук олорор. Бүгүн Дели Индия сүрүн култуура, политика уонна эргиэн киинэ.