Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия комитета
Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия кэмитиэтэ (кылг. ОыОК, нууч. кылг. МОК, фр. Comité international olympique, ааҥл. International Olympic Committee) — Олимпия оонньууларын уонна Олимпия хамсааһынын көҕүлүүр омуктар икки ардыларынааҕы тэрилтэтэ. Ыстаап-кыбартыырата Швейцария Лозанна куоратыгар баар.
ОыОК 1894 сыл бэс ыйын 23 күнүттэн, Пьер де Кубертен тыл көтөҕүүтүттэн ыла Париж куоракка аан бастаан баар буолбут. Бастакы бэрэсидьиэнинэн Деметриус Викелас буолбут[1]. Онон, хас сыл аайы, бэс ыйын 23 күнүгэр Омуктар икки ардыларынааҕы Олимпия күнэ бэлиэтэнэр.
Кэмитиэт суолтата, анала
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аналын быһыытынан — Олимпия хартиятынан салайтаран, олимпия хамсааһынын уонна Олимпия оонньууларын сайдыытын салайыы. Кэмитиэт спорду уонна спортивнай оонньууну тэрийэри итиэннэ сайыннарыыны биһириир, Олимпия оонньуулара кэмигэр ыытылларын хааччыйар.
Олимпия оонньууларын бары бырааба - кэмитиэккэ баар. Ол гынан баран, Олимпия оонньууларын ыытыы - Кэмитиэккэ буолбакка, оонньуу буолар сиригэр тэриллибит Тэрийэр бөлөххө сүктэриллэр.
Кэмитиэти үбүлээһин
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кэмитиэккэ үп киирэр соҕотох суола - чааһынай эйгэ. Мантан баһыйар өттө - көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар уонна спонсордар. Онон, Кэмитиэт ити үпкэ олоҕуран Олимпия оонньууларын ыытыыга, Нассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин сыллааҕы үлэлэригэр итиэннэ омукар икки ардыларынааҕы спорт делегаттарыгар олохтоохтук көмө оҥорор кыахтаах.
2010 саҥатынааҕы туругунан, Кэмитиэккэ сүрүн барыс Олимпия оонньууларын көрдөрүүгэ быраап атыытыттан (уопсай барыстан 53%), спонсортан (34%), билиэт атыытыттан (11%) уонна лисиэнсийэ биэрииттэн (2%) киирбит. 2008 сыллаахха Кэмитиэт уопсай барыһа $2,4 млрд тэҥнэспит.[1]
Кэмитиэт кыттыылаахтара (чилиэттэрэ)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кэмитиэ чилиэттэринэн, төһө да Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киирэллэр диэн алҕас санаа тарҕаммытын иһин, 115-тэн элбээбэт ахсааннаах киһи буолар. Олортон 70 киһи дуоһунаһа суох, манна сыһыаннаах дьарыга суох, 15 кыттыылаах - күөгэйэр күнүгэр сылдьар спортсмен, 15 кыттыылааҕы Омуктар икки ардыларынааҕы спорт федерациялара эбэтэр кинилэр ассоциациялара туруораллар уонна 15 кыттыылааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киллэрэр. Өр кэм устата Кэмитиэккэ эр дьону эрэ киллэрэ сылдьыбыттар, дьахталлары аан бастаан 1981 сыллаахха талбыттар[2].
Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитинэн эрэ үлэлииллэр. 2016 сыл саҥатыгар итинник кэмитиэт ахсаана 206 тиийбит. Олортон 193 ХНТ кыттыылаах-иллэри көрдөрөллөр, өссө 13 (Американскай Самоа, Аруба, Бермуд Арыылара, Британия Виргин арыылара, Виргин арыылара (АХШ), Гонконг, Гуам, Кайман арыылара, Кук арыылара, Палестина Ил, Пуэрто-Рико, Косово Өрөспүүбүлүкэ, Кытай Тайбэйэ) араас туруктаах сирдэри көрдөрөллөр. ХНТ билиммит дойдуларыгар баар Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитин эмиэ ылар. Хас биирдии Наассыйа Олимпиятааҕы кэмитиэтэ бэйэтин континентальнай Олимпия ассоциациятыгар бас бэринэр:
- Африка — ANOCA (ааҥл. Association of National Olympic Committees of Africa — Африка Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин Ассоциацията)
- Америка — PASO (ааҥл. Pan American Sports Organisation — Панамериканскай спортивнай тэрилтэ)
- Азия — OCA (ааҥл. Olympic Council of Asia — Азия Олимпиятааҕы сэбиэтэ)
- Европа — EOC (ааҥл. European Olympic Committees — Европатааҕы олимпия кэмитиэттэрэ)
- Океания — ONOC (ааҥл. Oceania National Olympic Committees — Океаниятааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ)
Кэмитиэт толорооччу бөлөҕө (кэмитиэтэ)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Должность | Имя | Страна |
---|---|---|
Бэрэсидьиэн | Бах, Томас | Германия |
Бииссэ-бэрэсидьиэн | Эль-Мутавакель, Наваль | Марокко |
Бииссэ-бэрэсидьиэн | Риди, Крейг | Улуу Британия |
Бииссэ-бэрэсидьиэн | Коутс, Джон | Австралия |
Бииссэ-бэрэсидьиэн | Цайцын Ю | Кытай |
Генеральнай дириэктэр | Кеппер, Кристоф де | Бельгия |
Кыттыылаах | Ву Чин-куо | Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ |
Кыттыылаах | Фазель, Рене | Швейцария |
Кыттыылаах | Хики, Патрик | Ирландия |
Кыттыылаах | Бокель, Клаудиа | Германия |
Кыттыылаах | Самаранч, Хуан Антонио (аччыгыйа) | Испания |
Кыттыылаах | Бубка, Сергей Назарович | Украина |
Кыттыылаах | Лухан, Вили Калтшмитт | Гуатемала |
Кыттыылаах | Дефранц, Анита | АХШ |
Кыттыылаах | Эрденер, Угур | Турция |
Кыттыылаах | Линдберг, Гунилла | Швеция |
Кэмитиэт хамыыһыйалара, хос кэмитиэттэрэ, тутула
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]По состоянию на 23 июня 2015 года
Хамыыһыйа-кэмитиэт | Английскайдыы суруллуута | Төрүттэммит сыла | Бэрэсэдээтэлэ |
---|---|---|---|
Толорооччу кэмитиэт | IOC Executive Board | 1921 | Томас Бах |
Спортсмен хамыыһыйата | Athletes’ Commission | 1981 | Клаудия Бокель |
Спортсменнар сыһыаннаһыыларын хамыыһыйата | Athletes’ Entourage Commission | Сергей Бубка | |
Аудит хамыыһыйата | Audit Committee | Пьер-Оливье Бекерс-Вьёжан | |
Коммуникация хамыыһыйата | Communications Commission | Камил Эйрлингс | |
Рио-де-Жанейро-2016 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For Rio de Janeiro 2016 | Наваль эль-Мутавакель | |
Пхёнчхан-2018 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For PyeongChang 2018 | Гунилла Линдберг | |
Токио-2020 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For Tokyo 2020 | Джон Коатс | |
Лиллехаммер-2016 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For The Lillehammer 2016 YOG | Анджела Руджеро | |
Буэнос-Айрес-2018 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission YOG Buenos Aires 2018 | Фрэнк Фредерикс | |
Олимпия удьуорун уонна култуура хамыыһыйата[3] | Culture and Olympic Heritage Commission | Ламбис Николау | |
Delegate Members | Delegate Members | Патрик Хики | |
Этика хамыыһыйата | Ethics Commission | 1999 | Юссуфа Ндиай |
ЮОИ-2020 сыаналыыр хамыыһыйата | Evaluation Commission YOG 2020 | Ян Ян (A) | |
ЗОИ-2022 сыаналыыр хамыыһыйата | Evaluation Commission Olympic Winter Games 2022 | Александр Жуков | |
Үп хамыыһыйата | Finance Commission | Ын Сер Мианг | |
Кэмитиэт кыттыылаахтарын талар хамыыһыйа[4] | IOC Members Election Commission | Принцесса Анна | |
ВАДА олохтооччу Сэбиэтигэр Кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ | IOC Representatives on the WADA Executive Committee and Foundation Board | Крэйг Риди | |
Быраап дьыалатыгар хамыыһыйа[5] | Legal Affairs | Джон Коатс | |
Маркетинг хамыыһыйата | Marketing Commission | Цунэкадзу Такэда | |
Наука уонна медицина хамыыһыйата[6] | Medical And Scientific Commission | Угур Эрденер | |
Олимпия үөрэхтээһинин хамыыһыйата[7] | Olympic Education Commission | Филип Крэйвен | |
Олимпия бырагырааматын хамыыһыйата | Olympic Programme Commission | Франко Карраро | |
Солидарность олимпиятааҕы хамыыһыйата | Olympic Solidarity Commission | 1981 | Ахмед аль-Фахад ас-Сабах |
Общественноһы кытта сибээс уонна спорт нөҥүө социальнай сайдыы кэмитиэтэ[8] | Public Affairs And Social Social Development Through Sport | Марио Песканте | |
«Спорт уонна көхтөөх общество» хамыыһыйа[9] | Sport And Active Society Commission | 1983 | Сэм Рамсами |
«Сайдыы уонна удьуор-утум» хамыыһыйа[10] | Sustainability and Legacy Commission | 1995 | Альбер II |
«Дьахталлар спортка» хамыыһыйа[11] | Women In Sport Commission | 2004 | Лидия Нсекера |
Олимпия ханаала | Olympic Channel | Лэрри Пробст | |
Olympic Channel Services S.A. (Швейцария) | Olympic Channel Services S.A. | Томас Бах | |
Olympic Broadcasting Services S.A. (Швейцария) | Olympic Broadcasting Services S.A. | Ричард Паунд |
Кэмитиэт бэрэсидьиэннэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кэмитиэт бары бэрэсидьиэннэрэ Брендеджтан ураты Европа дьоно.
Бэрэсидьиэн | Ил | Салайбыт сыллара | Бэлиэтээһиннэр |
---|---|---|---|
Деметриус Викелас | Греция | 1894—1896 | |
Барон Пьер де Кубертен | Франция | 1896—1916 уонна 1919—1925 | 1925 - 1937 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ |
Барон Годфруа де Блоне | Швейцария | 1916—1919 (э. т.) | |
Граф Анри де Байе-Латур | Бельгия | 1925—1942 | |
Зигфрид Эдстрём | Швеция | 1946—1952 (э. т. 1942—1946) | |
Эвери Брендедж | АХШ | 1952—1972 | Олимпия оонньууларыгар спортсмен быһыытынан кыттыыны ылбатах бастакы бэрэсидьиэн |
Лорд Майкл Моррис, 3-й барон Килланин | Ирландия | 1972—1980 | |
Маркиз Хуан Антонио Самаранч | Испания | 1980—2001 | 2001 - 2010 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ |
Граф Жак Рогге | Бельгия | 2001—2013 | Олимпия оонньууларыгар хас да төгүл спортсмен быһыытынан кыттыбыт (1968, 1972 уонна1976)бастакы бэрэсидьиэн. 2013 сылтан ОыОК бочуоттаах бэрэсидьэнэ |
Томас Бах[12] | Германия | с 2013 года | Олимпия чемпиона буолбут бастакы бэрэсидьиэн (1976, фехтование) |
Бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ 1,0 1,1 Александр Губский. «Учтен каждый доллар», — Жак Рогге, президент Международного олимпийского комитета // Ведомости, 03.02.2010, 18 (2536)
- ↑ FACTSHEET THE OLYMPIC MOVEMENT(ааҥл.). olympic.org (октябрь 2013). — «In 1981, Pirjo Häggman and Flor Isava Fonseca were the first women to be elected as IOC members.» Тургутулунна 5 Алтынньы 2014.
- ↑ Ранее — Комиссия по культуре и олимпийскому образованию
- ↑ Ранее — Комиссия по номинациям
- ↑ Ранее — Юридическая комиссия и комиссия «Спорт и право»
- ↑ Ранее — Медицинская комиссия
- ↑ Ранее — часть комиссии по культуре и олимпийскому образованию
- ↑ Ранее — Комиссия по международным отношениям
- ↑ Ранее — Комиссия «Спорт для всех»
- ↑ Ранее — комиссия «Спорт и окружающая среда»
- ↑ Ранее — комиссия «Женщины и спорт»
- ↑ Томас Бах стал новым президентом Международного олимпийского комитета.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Международный олимпийский комитет в Викиновостях? |