Субсидия
Субсидия (лат. subsidium — көмө, өйөөһүн) — көмөҕө наадыйааччыларга судаарыстыба эбэтэр олохтоох бүддьүөт суотуттан төлөнөр төлөбүр[1][2].
Быһаарыы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]РФ бюджетнай кодексыгар сөп түбэһиннэрэн икки көрүҥ субсидия көрүллүөхтээх:
- субсидия — ороскуоту эбэһээтэлистибэлэрин хос үбүлүүр сыаллаах бюджеттар икки ардыларынааҕы трансферт
- субсидия — бюджеттан бэриллэр үп- харчы уонна/юридическай сирэйдэр счеттарыгар ("государственнай «учреждениелартан ураты) уонна физическэй сирэйдэртэн ураты)
Субсидия сүрүн баайа:
- бу босхо биэрии (харчы төннөрүллүөн сөп)
- тус сыаллаах характер
- софинансирование (долевой үбүлээһин усулуобуйатыгар)
Быһаччы субсидия фундаментальнай научнай чинчийиилэри уонна опытнай- конструкторскай үлэлэри (граннары) үбүлээһиҥҥэ, саҥа техниканы оҥорууга уонна кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ туһаныллар. Биир өттүнэн, субсидия кэскиллээх салаалары сайыннарыахтарын сөп, иккиһэ — ньиэп турбатын өйүөххэ сөп, ол эрээри стратегическай суолталаах тэрилтэлэр (ырыынак экономикатыгар охсуулаах бары дьайыыларынан). Оттон тыа хаһаайыстыбатын производствота компенсационнай төлөбүрдэринэн дотацияланар.
Быһаччы субсидия нолуок уонна үп- харчы политикатын үптэринэн оҥоһуллар. Государство быһаччы нолуоктары уонна таможня нолуоктарын төннөрөр, государственнай гарантированиены уонна департаменнары страховкалыыр, чааһынай холбоһуктарга чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа кредиттэри биэрэр.
Куорат бюджетыттан субсидиялары холбооһун муниципальнай тэриллиилэр бюджеттарыгар хос үбүлээһин фондатын үөскэтэр
Субсидия-бородууксуйа оҥорооччуларга көмөлөһүү, ол эбэтэр бэйэтэ үбүлэнэр кыаҕа суох субъекка.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Субсидия, көрүү- истии, сыал- сорук хайдаҕый Архыыптаммыт 2021, Алтынньы 28 күнүгэр.
- ↑ Украинаҕа субсидия анааһыныгар уларыйыылар Архыыптаммыт 2021, Сэтинньи 11 күнүгэр.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|