Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Тиритии

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тиритии диэн итии дьайыытыттан киһиттэн көлөһүн тахсыыта ааттанар.

Саха дьоно көрсүстэхтэринэ кэпсэтиилэрин: «Туох солун баар?» «Хайдах олороҕун?»- диэн тылларынан саҕалыыллар. Итии дойдулар олохтоохторо киһи төһө элбэхтик тиритэр да, соччонон этэ-сиинэ дьиҥ-чахчы чэгиэн-чэбдик буолуутун быһыытынан сыаналыыллар. Ол иһин көрсүһэ түстэхтэринэ: «Төһө тиритэҕин?»- диэн ыйыталлар эбит.

Тиритии туһата кырдьык, олус улахан. Көлөһүнү кытта туттуллубут шлактар, токсиннаах холбоһуктар таһаарыллан, эт-сиин ыраастанар. Онуоха таһаарар органнарга: чуолаан бүөргэ, тириигэ баар тиритиннэрэр быччархайдар улахан көмөлөөхтөр. Туус киһи этигэр-сиинигэр букатын туһата суоҕун, буортулааҕын көлөһүнү кытта таска таһаарыллара, ол иһин көлөһүн туустааҕа быһаарар.

Тиритии туһалааҕын дьон сотору-сотору баанньыкка паарданан, элбэхтик тиритэ - хорута үлэлээн, сүүрэн-көтөн эттэрин-хааннарын ыраастанан туһаналлар. Бааннькка паар итиититтэн киһи тириитин капиллярдара кэҥээн, тирии поралара диэн кырачаан хайаҕастар аһылланнар, организм бары убаҕас системалара: хаан, лимфа, ткань убаҕастара активнай хамсааһыҥҥа киирэн, организмҥа баар туһаныллыбыт, быраҕыллыахтаах холбоһуктар ити убаҕастартан сиидэлэнэн, көлөһүҥҥэ кубулуйан, таска таһаарыллаллар.

Тиритии капиллярдара бүтэйбэттэрэ, олор куруук үлэлииллэрэ улахан туһалаах, ол курдук олорунан суккуллар хаан клеткалара - лейкоциттар араас ыарыылары көбүтэр микроорганизмнартан харыстыыр аналлаахтар уонна эти-сиини итилэртэн өрүһүйэллэр.

Араас тииптээх суунар сирдэр - нуучча уонна турецкай баанньыктар, финскэй сауналар, о.д.а. киһи чэбдигириитигэр уонна буһарыгар-хатарыгар улахан суолталаахтар. Көлөһүн быччархайдара туустардаах ууну эрэ буолбакка, кыайан туһаныллыбатах эбэтэр ордук киллэриллибит элбэх сыалаах эттиктэри төттөрү таһаараллар.

Тирии ньууруттан убаҕас көтүүтэ элбэх эньиэргийэни ылар, онон итииттэн көмүскэниигэ тиритии улахан суолталаах. Баанньык уонна «итии» сыахтар үлэһиттэрин тиритиннэрэр былчархайдара ордук эрчиллиилээхтэр, онон кинилэр итиини тулуйарга улахан дьоҕурдаахтар. Итинтэн көстөрүн курдук, эрчиллии түмүгэр киһи улахан да итиини тулуйар кыахтааҕа быһаарыллар. (1,52-54).

Саха сирин куйаас сайыныгар тиритэ-хорута элбэхтик үлэлиир дьон уһун үйэлэниини ситиһэллэригэр олук ууруллар. Үлэлээн-хамсаан, эти-сиини күүскэ хамсатан тиритии киһиттэн ордук элбэх көлөһүнү, кири-хаҕы таһаарара ханнык да дакаастабылга наадыйбат, эт-сиин ыраастанарыгар олус туһалыыр.

Илиинэн от охсуутугар үлэлээбит биригээдэ дьонуттан олус күүскэ тиритээччи, көлөһүнэ саккырыы сылдьааччы Мэхээлэ 70 сааһын туолан баран саҥа кэргэн ылаары тэринэ сылдьыбыта. Үлэлээтэр эрэ олус күүскэ хамсанан, тиритэн иһэр Ньукулай билигин даҕаны доруобуйата чэгиэн-чэбдик. От үлэтигэр уһуннук тиритэ-хорута, күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит дьон ордук уһун үйэлэниини ситиһэллэрин тыа сирин олохтоохторо билэллэр.

Спордунан, күүстээх үлэнэн дьарыктанан, тиритэн эттэриттэн-сииннэриттэн араас кири-хоҕу таһаара сылдьар киһи уһун үйэлэниини ситиһэригэр олук ууруллар. (2,67).

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Н.А.Агаджанян, П.А.Петров. Биһиги эппит-хааммыт сорох кистэлэҥ күүстэрин туһунан. - Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1984. - 80 с.

2. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.