Location via proxy:   [ UP ]  
[Report a bug]   [Manage cookies]                
Иһинээҕитигэр көс

Хазардар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хазардар (ивр. כוזרים‎ "кузарим", араб. الخزر‎ "ал- хазар", перс. خزر "хазар", гир. Χάζαροι "хазарой", эрмխազիր "хазир", был.-нууч. козаре, лат. chazari, caziri, gazari) — түрк тыллаах көс омуга. Хуннар кэннилэриттэн Дагестаантан хоту өттүгэр олорбуттар.

Хазар диэн аат бу омук бэйэтэ бэйэтин ааттанар аата буолар уонна кини төрдө чопчу биллибэт. Хазар аат төрдө түүрдүү kaz ("көс") диэн тыл буолуон сөп[1]. Ону таһынан бу аат төрдүн туһунан атын сабаҕалааһыннар бааллар, холобур:

  • перс. هَزَارْ, hâzâr "тыһыынча" диэнтэн үөскээбит (А. П. Новосельцев),
  • "кесарь" диэн Рим ыраахтааҕытын аатыттан тахсыбыт (А. Поляк, А. Рона-Таш),
  • түүрдүү "баттыыр", "үтүрүйэр" диэн суолталаах тыл (Л. Базен).

Сорох чинчийээччилэр саныылларынан (холобур, Б. Н. Заходер), хазар омуга икки улахан биискэ арахсар этэ: маҥан уонна хара хазардар (калис-хазардар уонна кара-хазардар). Атын чинчийээччилэр этэллэринэн (холобур, М. И. Артамонов, А. П. Новосельцев) бу арахсыы бииһинэнэ буолбакка социальнай туругунан этэ уонна хазар уопсастыбата сайдыылаах тэрээһиннээҕин туоһулуур. Хазардар кытта барсила, савир, баландьар биистэрэ ыкса ситимнээх этилэр. Кэлин сороҕолоро хазардары кытта булкуспуттара. Хазардарга ордук чугас барсила бииһэ этэ.

Хазардар төрдүлэрин уонна былыргы дойдуларын туһунан элбэх санаа баар. Сүрүн теориялар манныктар:

  • Хазардар V үйэҕэ Европаҕа олорбут акацир диэн ааттаах гунн бииһиттэн үөскээбиттэр (А. В. Гадло, О. Прицак).
  • Хазардар былыргы уйгуурдартан үөскээбиттэр (Д. Данлоп).
  • Хазардар Хорасантан Кавказка көспүт эфталиттар сыдьааннара буолаллар (Д. Людвиг).
  • Хазардар оҕур, савир, алтаай биистэрин холбоһууларыттан үөскээбиттэр (П. Голден, М. И. Артамонов, А. П. Новосельцев, Д. Немет).

Арассыыйа чинчийээччилэрэ сүрүннээн бүтэһик версияны ылыналлар[2].

Хазар тыла түүр тыллар булҕар бөлөҕөр киирэр, ону былыргы кинигэлэргэ суруллан хаалбыт хазар тыллара туоһулууллар[3].

Хазар хаҕаната

VII үйэҕэ диэри хазардар араас омуктартан тутулуктаах этилэр. 560 сылларга хазардар Түүр хаҕанатыгар бас бэриммиттэр. Кэлин, VII үйэ ортотугар Түүр хаҕаната ыһыллыбытын кэннэ хазардар бэйэлэрин дойдуларын, ол аата Хазар хаҕанатын (650–969) тэриммиттэрэ[4].

Аан маҥнай хазардар Дагестааҥҥа баар Дэрбэнт диэн куорат хоту өттүгэр олорбуттара. Онтон кэлин Дагестаан сириттэн Кырыым, Дон уонна Поволжье диэки олохсуйбуттара. VII үйэҕэ Хазар хаҕанатын киин куората Поволжьеҕа көһөрүллүбүтэ.

Хазардар үксүлэрэ уопсай түүр Таҥараҕа итэҕэллээх этилэр уонна хаҕаны Таҥараттан айдарыылаах диэннэр ытыктыыр буолаллара. Ону таһынан Хазар хаҕаната христиан уонна ислам итэҕэллээх дойдулары кытта ыаллыы сытар буолан уонна хазардар атын итэҕэллээх дьоҥҥо эйэлээхтик сыһыаннаһар буоланнар бу дойдуга христиан, ислам уонна иудаизм тарҕаммыт. VII–IX үйэлэргэ хазардар хаҕаннара иудаизмы ылыммыттара.

  1. Артамонов М. И. Очерки древнейшей истории хазар. М., 1937. — С. 84.
  2. Обзор мнений см. Голден. П. Достижения и перспективы хазарских исследований // Хазары. М. — Иерусалим, 2005. — С. 57. См. также Комар О. В. Хозари та уйгури (нотатки до «телеської» версії походження хозар) // Надчорномор’я: студії з історії та археології (з IX ст. до н.е. по XIX ст. н.е.). — Київ, 2008. — С. 109—123.
  3. Эрдаль М. Хазарский язык // Хазары, сб. статей. — М., 2005. — С. 125—139.
  4. Голден. П. Достижения и перспективы хазарских исследований // Хазары. М.—Иерусалим, 2005. — С. 27.; Тортика А. А. Хазароведение в современной иудаике: к постановке проблемы // Матеріали ХІI міжнародної наукової конференції "Єврейська історія та культура в країнах Центральної та Східної Європи — Єврейське краєзнавство та колекціонування Архыыптаммыт 2008, Олунньу 20 күнүгэр.
  • Артамонов М. И. История хазар / Под ред. и с примеч. Л. Н. Гумилёва. — Л.: Изд-во Гос. Эрмитажа, 1962. — 523 с.
  • Заходер Б. Н. Каспийский свод сведений о Восточной Европе. [Т. 1. Горган и Поволжье в IX-X вв.]. — М.: Наука (издательство)|Наука, 1962. — 279 с.
  • Ивик О., Ключников В. Хазары / Олег Ивик, Владимир Ключников. — М.: Ломоносовъ, 2013. — 336 с. — (История. География. Этнография). — 1500 экз. — ISBN 978-5-91678-148-9 (в пер.)
  • Кёстлер А. Тринадцатое колено: Крушение империи хазар и её наследие. — СПб.: Евразия, 2001. — 320 с. — (Barbaricum). — 3000 экз. — ISBN 5-8071-0076-X (в пер.)
  • Новосельцев А. П. Хазарское государство и его роль в истории Восточной Европы и Кавказа. — М.: Наука (издательство)|Наука, 1990. — 264 с. — ISBN 5-02-009552-4
  • Петрухин В., Флёров В. Иудаизм в Хазарии по данным археологии // История еврейского народа в России. От древности до раннего Нового времени. Том 1 — М.: Мосты культуры/Гешарим, 2010. — С. 149—161.
  • Плетнёва С. А. Хазары / Отв. ред. Б. А. Рыбаков. — М.: Наука (издательство)|Наука, 1976. — 96 с. — (Научно-популярная серия). — 120 000 экз.